Нам улууһугар Саха сирин уонна Кыргыстаан бөҕөстөрүн табаарыстыы көрсүһүүлэрэ буолла

Share

Нам улууһун көбүөрүгэр Саха сирэ уонна Кыргыстаан сүүмэрдэммит хамаандалара көҥүл тустууга табаарыстыы көрсүһүүнү тэрийдилэр. Максим Аммосов  төрөөбүтэ 125 үбүлүөйдээх сылынан буолбут көрсүһүү бэрт истиҥник ааста. Күрэхтэһии иннигэр Саха сирин уонна Кыргыстаан бэрэстэбиитэллэрэ икки норуот иннигэр улахан өҥөлөөх бэлиитик пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Көҥүл тустууга икки дойду табаарыстыы көрсүһүүтүгэр Саха сирин аан дойдуга маҥнайгынан ааттаппыт дьонтон биирдэстэрэ, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына Александр Иванов күндү ыалдьыт буолбут. Эҕэрдэ тылы Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка министрин солбуйааччы Александр Бугаев, Казахтар диаспораларын салайааччы Фархат Садыков, Киргиистэр диаспораларын бэрэстэбиитэлэ Орунбаев Торорбекович,уонна да атыттар эттилэр.

Саха сирин уонна Кыргыстаан тустууктара биэс ыйааһыҥҥа холоһон көрдүлэр. Ол курдук, үс ыйааһыҥҥа Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан Нам улууһун тустууктара Петр Парников, Сергей Семенов уонна Ариан Гоголев тыҥааһыннаах тустууну көрдөрдүлэр. Көбүөргэ маҥнайгы көрсүһүүнү кыайыылаахтык саҕалаабыт хамаанда үтүө түмүктээх буолааччы. Ити курдук, иккис көрсүһүү да ону туоһулаан, саха уола Петр Парников туһатыгар буолбута.

86 киилэ ыйааһыҥҥа Кыргыстаан бөҕөһө саха тустуугун эрэллээхтик кыайбыта. Долгутуулаах табаарыстыы көрсүһүү түмүгүнэн,  кыргыыстар кыайыыны ситистилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирин уонна Наммыт чулуу уола Чаҕылхай Махсыым үлэлээбит дойдутуттан кэлбит ыалдьыттарбыт улахан ыйааһыҥҥа күүстээхтэрин көрдөрдүлэр.

Көрсүһүү уопсай түмүгэ 3:2 ахсааннаах ыалдьыттар кыайыыларынан түмүктэннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

4 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago