Нам улууһугар саҥа мастарыскыайдар аһылыннылар
Бэҕэһээ үөрүүлээх быһыыга-майгыга Нам тиэхиньикумугар аныгы мастарыскыайдар аһыллыбыттар. Мантан ыла устудьуоннар үс компетенциянан сатабыллары баһылыахтара: «Сыбаарка технологиялара», «Кыра массыына өрөмүөнэ уонна хааччыйыы», «Эт аһылыгын оҥорон таһаарыы”. Бу туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Аныгы мастарыскыайдар Уһук Илин уокуругар киирсэр РФ субъектарын экэнэмикэтин үрдэтии социальнай сайдыытын киинин былаанын иитинэн аһыллыбыттар.
Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай: “Сетевой көрүҥнээх мастарыскыайдар устудьуоннарга уонна атын үөрэх тэрилтэлэригэр туһалаах буолуохтара. Демонстрационнай эксээмэҥҥэ да, идэ маастарыстыбатын күрэстэригэр даҕаны буоллун. Бу Ил Дархан өйөөбүт “Мин бастакы идэм” саҥа бырагырааманан оскуола оҕолоро үөрэнэ кэлиилэригэр эмиэ туһалаах”, – диэн бэлиэтээтэ.
Кэлиҥҥи ыстандаартынан туруоруллубут аныгы тэриллэр устудьуоннар үлэ ырыынагар ирдэнэр аныгы кэмҥэ ирдэнэр билиини, сатабылы ылалларыгар көмөлөһүөҕэ. Ыалдьыттар саҥа тэриллэри көрдүлэр, саҥа технологияны баһылаан эрэр преподавателлэри, устудьуоннары кытта кэпсэттилэр.
Уһук Илин уокурукка киирсэр субъектар экэнэмиичэскэй үрдээһиннэрин киинин социальнай өттүнэн сайыннарар соруктаах, каадыры бэлэмнииргэ анаан үөрэх тэрилтэлэригэр аныгы мастарыскыайдары арыйыы чааһынан быйыл Саха сиригэр барыта 5 кэллиэскэ уонна тиэхиньикумҥа 13 мастарыскыай аһыллыбыт: Намнааҕы тиэхиньикумҥа, Горнай-геологическай тиэхиньикумугар, Сунтаардааҕы технологическай кэллиэскэ, Ньурба тиэхиньикумугар, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэх комплексыгар. Эһиил, 2025 сылга 21 мастарыскыай аһыллыа дииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: