Нам улууһугар топиари фигуралар дьону кэрэхсэттилэр
Нам улууһун киинигэр сонун көстүү баар буолбутун бэлиэтии көрөбүт. Топиари — өссө былыргы Рим судаарыстыбатыгар сайдыбыт тэлгэһэни киэргэтэр биир дьикти көрүҥ. Онно кинилэр талаҕы кырыйан араас фигуралары оҥороллор эбит.
Ол техника баччааҥҥа диэри сайдан тиийэн кэллэҕэ, билиҥҥи бириэмэҕэ арҕаа дойдуларга күүскэ сайдан турар, араас размердаах паарка скульптураларын олус тупсаҕай гына оҥороллор. Рекламаҕа даҕаны күүскэ тутталлар. Итинник күөх саадтар, үүнээйилэр киһини айылҕаҕа чугаһатар, уоскутар аналлаахтар. Улахан куораттар ортолоругар газоннарга
араас талахтан кырыйан олус тупсаҕай киэргэллэри оҥорон дьону үөрдэллэр, сынньаталлар.
Оннук фигуралары Наммытыгар оҥорбут Алексей Федосеев хантан идея кэлбитин, хайдах оҥорбутун кэпсиир:
— Былырыын Алтайга бара сылдьан итинник оҥоһуктары чугастан көрөн үөрэтэн кэлбитим, биһиги да оҥорон дьоммутун- сэргэбитин үөрдүөхпүтүн сөп эбит диэн санаа киирбитэ.
Кыһыҥҥы уһун өрөбүллэргэ араас эскизтэри оҥорон, материалын суоттаан коммерческай этии оҥорон «Ленскэй нэһилиэк» дьаһалтатыгар түһэрбитим. Ону сөбүлээн сонун идея эбит диэн утары барбыттара. Оҕо көмүскэлин күнүгэр диэри бүтэн болуоссакка турар гына дуогабардаһан үлэлээн барбыппыт.
Бөҕө буоллун диэн искусственнай оту тимир каркаска тигэн, быһан оҥордубут. Олус үлэлээх эбит. Тимир каркас сетканан бүрүллэр, ол үрдүгэр газон ууран тигиллэр. Маны оҥорорбутугар быраатым Степан Бястинов уонна уолум Алексей Федосеев көмө буоланнар кэмигэр бүтэрдибит.
Дьон-сэргэ, оҕо-уруу харыстаатар, бу фигуралар сахабыт сиригэр ландшафтнай дизайн быһыытынан саҥа саҕалааһын буолар.
Мария Винокурова, «Энсиэли» хаһыат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: