Салгыы
Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүр Граны икки кэпэрэтиип ылла

Нам улууһугар тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүр Граны икки кэпэрэтиип ылла

14.11.2024, 16:00
Хаартыска Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүргэ туһуламмыт Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Гранын кыайыылаахтара ааттаннылар.

Тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин өйүүр Граны Нам улууһуттан икки хаһаайыстыба ылла диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Владимир Макаров, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта кэпсээбитинэн: “Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлээбит анал хамыыһыйа уопсайа 13 сайаапка киирбититтэн алта кыайыылааҕы быһаарда уонна боротокуол таһаарда. Кыайыылаахтар истэригэр Партизан нэһилиэгиттэн Степан Терешкин бэрэссэдээтэллээх “Нам-Холбос” кэпэрэтиип уонна Бөтүҥ нэһилиэгиттэн Василий Куличкин бэрэссэдээтэллээх “Бигэ” кэпэрэтиип ааттаннылар, кинилэр өйөбүл граны ылыахтара”.

Кэлэр 2025 сылга бу ылбыт көмө үптэринэн Степан Терешкин  100 ынах турар саҥа хотонун, Василий Куличкин оҕуруот аһын, хортуоппуйу харайар саҥа эбийиэги (овощехранилище) туттар былааннаахтар.

“Кэпэрэтииптэр өссө кэҥиэхтэрэ, дьон сүөһүлэрин кыһыҥҥы кэмҥэ туруоран көрдөрөр кыахтаныахтара, оҥорон таһаарар бородууксуйаларын хааччыстыбата тупсуо, элбиэ диэн эрэнэбит”,  – диэтэ Владимир Макаров.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: