Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрэйэн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Учуутал үрдүк аатыгар сүгүрэйэн сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

04.10.2024, 13:44
Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бүгүн Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр, улууска үөрэхтээһин тэриллибитэ 150 сылыгар анаммыт искибиэргэ, үгүс кэнчээри ыччакка билиини биэрбит бэтэрээн учууталларга сүгүрүйэн сибэкки ууруутун үөрүүлээх түгэнэ буолла.

Эҕэрдэ тыллары улуус баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов, үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Егор Бочонин, үөрэҕирии үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Надежда Васильева эттилэр диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу бэлиэ күҥҥэ мустубут ыалдьыттарга И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы №-дээх орто сокуолатын “Сулусчаан” ансаамбыла (сал. А.В. Иванова) музыкальнай эҕэрдэтин тиэртэ. 10 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ бэтэрээн учууталларга истиҥ тыллардаах аккырыыккалары бэлэхтээтилэр.

«Кэнчээри ыччаты билиигэ-көрүүгэ уһуйан, олох киэҥ аартыгар сирдиир күндү учууталларбытын, бэтэрээннэрбитин кэлэн иһэр Учуутал күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Сыралаах үлэҕит өрүү үтүө түмүктээх буолан бар дьоммут үөрүүтэ улааттын, үөрэнээччилэрбит үрдүк ситиһиилэринэн Сахабыт сирэ сайда, тупса турдун!», — диэн Нам улууһун дьаһалтатын салалтата эҕэрдэтин тиэртэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -22°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: