Бүгүн Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр, улууска үөрэхтээһин тэриллибитэ 150 сылыгар анаммыт искибиэргэ, үгүс кэнчээри ыччакка билиини биэрбит бэтэрээн учууталларга сүгүрүйэн сибэкки ууруутун үөрүүлээх түгэнэ буолла.
Эҕэрдэ тыллары улуус баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов, үөрэх управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Егор Бочонин, үөрэҕирии үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Надежда Васильева эттилэр диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу бэлиэ күҥҥэ мустубут ыалдьыттарга И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы №-дээх орто сокуолатын “Сулусчаан” ансаамбыла (сал. А.В. Иванова) музыкальнай эҕэрдэтин тиэртэ. 10 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ бэтэрээн учууталларга истиҥ тыллардаах аккырыыккалары бэлэхтээтилэр.
«Кэнчээри ыччаты билиигэ-көрүүгэ уһуйан, олох киэҥ аартыгар сирдиир күндү учууталларбытын, бэтэрээннэрбитин кэлэн иһэр Учуутал күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит! Сыралаах үлэҕит өрүү үтүө түмүктээх буолан бар дьоммут үөрүүтэ улааттын, үөрэнээччилэрбит үрдүк ситиһиилэринэн Сахабыт сирэ сайда, тупса турдун!», — диэн Нам улууһун дьаһалтатын салалтата эҕэрдэтин тиэртэ.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…