Салгыы
Нам улууһун 2-с Хомустааҕар саҥа амбулатория тутуллан үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун 2-с Хомустааҕар саҥа амбулатория тутуллан үлэҕэ киирдэ

13.07.2024, 19:04
Хаартыска -- «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Нам Улууһун 2-с Хомустааҕар «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥа амбулатория  тутуллан үлэҕэ киирдэ.  

Тутууну 2023 сыл бүтүүтэ Юрий Попов салайааччылаах «Основа» ХЭУо саҕалаабыта. Амбулатория аныгылыы тэрилинэн, миэбэлинэн толору хааччыллыбыт. Манна быраас, биэлсэр хосторо, икки балаата, процедурнай, санитарнай, быһыы биэрэр уо.д.а хостор бааллар. Киирэр аан пандустаах. Сырдык, ыраас, саҥа дьиэҕэ 15 үлэһит үлэлиир. Быйыл терапевт-бырааһынан Михаил Алексеев ананан  үлэлии кэлбитэ. Маны таһынан, эминэн-томунан толору хааччыллыбыт улууска 5-с аптечнай пуун аһылынна.

Үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыытыгар алгысчыт Владимир Осипов алгыс сиэрин-туомун толордо. Ол кэннэ аалай лиэнтэни улуус баһылыга Юрий Слепцов, СР доруобуйа харыстабылын министрин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин, Иккис Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов, улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев, 2-с Хомустаах балыыһатыгар биэс сыл бырааһынан үлэлээбит Наталья Дмитриева уонна билигин үлэлии сылдьар биэлсэр Изабелла Жиркова быстылар. Тыл этээччилэр амбулатория тутуллуутугар үгүс сүүрүү-көтүү, докумуон эккирэтэһиитэ, элбэх кэпсэтиһии ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр. “Национальнай бырайыак көмөтүнэн бары түмсэн үлэни кыайдыбыт” диэн тоһоҕолоон эттилэр. Өр сылларга доруобуйа харыстабылыгар үлэлээбит, кылааттарын киллэрбит үрүҥ халааттаах аанньаллар Бочуоттаах грамоталары, Махтал суруктары туттулар.

— Биһиги Нам улууһун 2-с Хомустааҕыттан төрүттээх, билигин Дьокуускайга, итиэннэ киин куораттан чугас эргин олорооччулар дойдубутугар Торуойга саҥа амбулатория тутуллан үлэҕэ киирбитин туһунан истэн, олус үөрдүбүт. Мыраан үрдүгэр көһөн тахсыбыт саҥа бөһүөлэкпитигэр таас  оскуола, уһуйаан, олохтоох дьаһалта дьиэтэ, кииннэммит хочуолунай, бэл, аспаал суол тутуллан, олохтоохтор үөрүүлэрэ муҥура суох. Арай, балыыһабыт дьиэтэ эрэ өр сылларга  кыайтарбакка сылдьыбыта. Хойукка диэри аллараа, мырааммыт анныгар эргэ дьиэҕэ балыыһаланан олорбуппут. Ол балыыһабыт мөлтөх  хаачыстыбалаах матырыйаалтан тутуллубут буолан, “кыһынын тымныы этэ” дэһэллэрин истэрбит. Онтон оскуола аттыгар балаҕаҥҥа көһөн кэлэн, быстах кэмҥэ эмчиттэр онно үлэлээбиттэрэ. Бу, биллэн турар, улахан нэһилиэк олохтоохторугар эрэйдээҕэ чахчы этэ. Онон амбулатория киин сиргэ чугаһаан, кырдьаҕастарга, ыарыһахтарга сылдьалларыгар да табыгастаах буолбутуттан тустаахтар төһө эрэ үөрдүлэр! Кырдьык да, дьоммут-сэргэбит абыранар буолбуттар диэн бу үөрүүлээх сонуну сүргэбит көтөҕүллэн  иһиттибит. Үрүҥ халааттаах биир дойдулаах аанньалларбытыгар эппиэтинэстээх үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри, нэһилиэнньэ хайҕалын, махталын ыла туралларыгар баҕарабыт, — диэн санаатын үллэһиннэ Дьокуускай куоракка олорор 2-с Хомустаахтан төрүттээх биир дойдулаахтар «Старый город» (2-с Хомустаах былыргы аата) түмсүүлэрин салайааччыта, Саха телевидениетин туйгуна, “Саха” НКИХ телесурналыыһа Георгий Белоусов.   

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: