Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 21 күнүгэр, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов улуустааҕы ыксаллаах-быһыы майгы хамыыһыйатын мунньаҕын ыытта.
Улууска халаан содулуттан чөлүгэр түһэриини сүрүннүүр дириэксийэ салайааччытын солбуйааччы Алексей Винокуров иһитиннэрии оҥордо. Улуустааҕы үөрэх, тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын, киин балыыһа, «Намкоммунтеплоэнерго» АУо, Намнааҕы биисинэс-инкубатор салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ халаантан эмсэҕэлээбит эбийиэктэргэ чөлүгэр түһэрии, тутуу, өрөмүөн үлэлэрин хаамыытын билиһиннэрдилэр.
Сүрүн тиэмэ — сааскы халаан уутуттан дьиэлэрэ толору эмсэҕэлээбит олохтоохторго саҥа дьиэ тутуутун, хапытаалынай өрөмүөн үлэтин ыытан чөлүгэр түһэрии боппуруоһун тула кэпсэтии буолла. Улуус баһылыга Юрий Слепцов «бу боппуруос алтынньы 15 күнүгэр — кыстыкка киириигэ диэри быһаарыллыахтаах» диэн туран, нэһилиэк баһылыктара, тустаах салайааччылар сөпкө дьаһанан үлэни күүскэ тэрийэллэригэр, нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү үлэни ыыталларыгар сорудахтаата.
Нам улууһун борокуруорун солбуйааччы Антонина Ускеева тустаах боппуруоска нэһилиэк баһылыктарын, тэрилтэ салайааччыларын эппиэтинэстэрин санатта.
Маны таһынан, ойуур баһаардарын бохсууга өйдөтөр үлэни күүскэ ыытыы, баһаар турар түгэнигэр, умуруорууга сөптөөх дьаһаллары ылан, үлэ тута барыахтааҕын эттэ.
Атырдьах ыйын 19 күнүн иккис аҥаарыгар, Хатырык нэһилиэгин территориятыгар, эрдэ умуруоруллубут ойуур баһаара күөдьүйэн тахсан, уот турбута бэлиэтэммитэ.
Төһө да сайын бүтэн, күһүҥҥү күннэр саҕаламмыттарын иһин, ойуурга баһаар турар куттала улахан. Онон хас биирдии киһи эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, уоттан сэрэхтээх буолуу бары быраабылаларын кытаанахтык тутуһара, сэрэхтээх уонна болҕомтолоох буолара ирдэнэр.
Улуус баһылыга Юрий Слепцов атырдьах ыйын 22 күнүттэн нэһилиэктэринэн сылдьан, дьиэлэрэ толору эмсэҕэлээбит уонна хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар дьиэлээх дьону кытта көрсөн кэпсэтиэҕэ.
Бу мунньах туһунан «Нам улууһа” МТ телеграм-ханаалыгар дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…