Бу күннэргэ Таатта улууһугар Ил Дархан сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ туһуламмыт мунньахха Илин эҥэр уонна киин улуустар баһылыктарын кытта сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта.
Бу тэрээһиҥҥэ Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи туругун, оттооһун былаанын туһунан санаатын үллэһиннэ.
— Сааскы ыһыы үлэтэ этэҥҥэ түмүктэнэн, бу күннэргэ окко киирии саҕаланна. Быйылгы сылга от былаана — 27 533 туонна. 1609 гектарга сүөһү эбии аһылыга: эбиэс, элбэх сыллаах от ыһыллынна, ону тэҥэ 850 туонна сиилэһи бэлэмниир сорук турар. Эбии аhылыгы бэлэмнииргэ ааспыт сылтан МТС «Агро» диэн тэрилтэ тэриллэн үлэлиир. Тэрилтэ салалтата 360 га быраҕыллыбыт сирдэри чөлүгэр түhэрэр үлэни ыыта сылдьар (эбиэс, элбэх сыллаах от). Нэһилиэктэр дьаһалталара, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ уонна хаһаайыстыбалар салайааччылара ходуһаларын кэрийэн көрөн, төһө оту ылыахтарын сөбүн барыллаан ааҕан-суоттаан үөрэттилэр. От үлэтин кэмигэр саҕалыыр инниттэн хаһаайыстыбалар оттугунан-уматыгынан бириэмэтигэр хааччылыннылар, оттуур тиэхиньикэлэрин көрүннүлэр, өрөмүөннэннилэр.
Улууска окко киирии биирдиилээн хаһаайыстыбаларынан саҕаланна. Бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 250 га сир охсуллунна, 120 тонна от бэлэмнэннэ. Ити ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, 35 туоннанан элбэх. Быйыл отчуттар от үүнүүтүн ортоһуор диэн сыаналыыллар. Алаас сирдэрэ курааннаан, түүнүн тымныы буолан, от үүнүүтэ бытаарбыт эбит буоллаҕына, уу ылбыт арыы сирдэригэр үүнүү үчүгэй. Онон оттооһун былаана кэмигэр туолуоҕа диэн эрэнэбит, — диэн бэлиэтээтэ баһылык Юрий Слепцов.
Бу туһунан «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…