Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов сааскы халаантан дьиэлэрэ эмсэҕэлээбит дьону кытта көрүстэ

Share

Бу күннэргэ Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов дьаһалта эппиэттээх исписэлиистэрин кытта 2-с Хомустаахха, Хатырыкка, Модукка, Граф Биэрэгэр сааскы халаантан дьиэлэрэ эмсэҕэлээбит олохтоохтору кытта көрүстэ.

Оробуочай бөлөх сырыытын сүрүн соруга –  дьиэлэрэ толору эмсэҕэлээн, федеральнай бүддьүөттэн саҥа дьиэ атыылаһыытыгар, дьиэ тутуутугар төлөбүр ылар олохтоохтору кытта илэ көрсөн, утары олорон кэпсэтии, быһаарыы, сырдатыы, чуолкайдааһын үлэтин ыытыы.

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, биир дойдулаахтарын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэн баран, улуус баһылыга Юрий Слепцов маннык бэлиэтээһиннэри оҥордо:

Халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр, улуус, өрөспүүбүлүкэ салалталара биир ситимнээх үлэни ыыталлара көстөр. Чааһынай дьиэ тутуутунан дьарыктанар урбаанньыттары ыҥыран кэпсэтии түмүгэр, тутуунан дьарыктанар тэрилтэлэр саҥа толору хааччыллыылаах дьиэлэри тутан, федеральнай төлөбүр түһэн төлөнүөр диэри бэйэлэрин үптэринэн – анал дуогабар быһыытынан дьон тута киирэн олороллорун курдук үлэ барыаҕа.  Никольскай уонна Хамаҕатта нэһилиэктэригэр дьиэ туттар ыалларга  уһаайба бэриллиэҕэ.  Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтата «Озернай» кыбаарталга Граф Биэрэгин халаан уутуттан дьиэлэрэ эмсэҕэлээбит олохтоохторугар уһаайба биэрбит. Хатырык, 2-с Хомустаах нэһилиэктэригэр дьиэ туттуон баҕалаахтарга уһаайба биэриитин туһунан кэпсэтии бара турар.

Көрсүһүүгэ кэлбит дьон элбэх араас, мунаарар ыйытыктарын биэрэн, толору хоруйу ылан, өрүттэр икки өттүттэн көдьүүстээх кэпсэтиини ыыттылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

40 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago