Нам улууһун бастыҥ нэһилиэктэригэр — оттуур тиэхиньикэ

Нам улууһун бастыҥ нэһилиэктэригэр — оттуур тиэхиньикэ

22.07.2024, 20:02
Хаартыска -- "Нам улууһа” МТ пресс -сулууспата.
Бөлөххө киир:

Нам улууһун дьаһалтата сыл түмүгүнэн хас биирдии эйгэҕэ түмүктээх үлэлээх, үчүгэй көрдөрүүлээх нэһилиэктэргэ  харчынан сэртипикээт, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар – оттуур тиэхиньикэ туттарар.

Бүгүн, от ыйын 22 күнүгэр, Нам улууһугар 2023 сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын сүрүн көрүҥнэригэр бастыҥ көрдөрүүлээх үс нэһилиэккэ улуус баһылыгын солбуйааччы Филипп Николаев уонна улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров сүрүн бирииһи — оттуур тиэхиньикэлэри туттардылар.

Ол курдук, 1 миэстэҕэ тиксибит Модут нэһилиэгэр – пресс-подборщик тигистэ.

2-с миэстэни ылбыт Хатыҥ Арыыга от охсор тэрил тигистэ.

3-с миэстэҕэ тиксибит Партизан нэһилиэгэр — от мунньар тэрили тиэртилэр.

Самаан сайын от үлэтэ саамай үгэннээн турдаҕына дуогабар түһэрсибит урбаанньыт  Руслан Федоров үлэһиттэрэ анаан аҕалан биэрэн, тустаахтары олуһун үөртүлэр.

Бу бэртээхэй сонуну «Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: