Кэнники сылларга араас бырагыраамаларынан, бырайыактарынан Нам улууһугар элбэх саҥа эбийиэк тутуллар. Бэҕэһээ, алтынньы 8 күнүгэр, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов тутуу бара турар эбийиэктэрин кэрийэн көрдө. Кинини кытта тутууну сүрүннүүр улуус дьокутаата Андрей Гоголев сырытта.
Бастаан Түбэ нэһилиэгэр тиийэн тутулла турар быыһыыр сулууспа саҥа дьиэтигэр сырыттылар. Нэһилиэк баһылыга Григорий Гуляев үлэ хайдах баран иһэрин кэпсээтэ. Салгыы Маймаҕаттан Хатырыкка диэри суол өрөмүөнүн көрдүлэр. Онтон Хатырык нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах киин тутуутун билистилэр. «Намстрой» СМУ ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Вадим Кутуков уонна кини үлэһиттэрэ эбийиэк туһунан кэпсээтилэр.
Модут нэһилиэгэр оскуола тутуутун хаамыытын нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Мария Суздалова билиһиннэрдэ. Бөтүҥ нэһилиэгэр икки элбэх кыбартыыралаах дьиэни көрдүлэр. Бу дьиэлэр сотору үлэҕэ киириэхтээхтэр. Ону сэргэ почта хапытаалынай өрөмүөнэ ыытылла турарын билистилэр. Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр элбэх кыбартыыралаах дьиэни «Прогресс» ХЭТ тута сылдьар, үлэ 65% туолбут.
Күн иккис аҥаарыгар улуус баһылыга Ленскэйгэ элбэх кыбартыыралаах уонна тулаайах оҕолорго анаммыт дьиэлэр, национальнай көрүҥнэргэ анаммыт киин тутууларын уонна нэһилиэк иһинээҕи суоллар өрөмүөннэрин көрдө-иһиттэ. Улуус баһылыга Юрий Слепцов үлэ хаачыстыбатын хонтуруоллуурга, эбийиэктэр болдьохторугар киирэллэригэр соруйда, үлэһиттэрин нэһилиэнньэ олоҕун тупсарар сыаллаах үлэлииллэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…