Нам улууһун ходуһаларыгар от үлэтин үгэнэ
20.07.2024, 19:25
Хаартыска уонна видео -- Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар күргүөмнээх от үлэтин үгэнэ.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, улууска бары көрүҥнээх хаһаайыстыбалар ходуһаҕа тахсыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Окко барыта 400-тэн тахса звено киирдэ. Быйылгы үөһээ алаас сирдэр курааннаан, отчуттар аллараа арыыга оттууллар. Улуус быйылгы былаана эмиэ былырыыҥҥы курдук. — 27500 тыһ. туонна от. Сиһилии улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Владимир Макаров маннык кэпсиир:
Бүгүҥҥү күҥҥэ 1200 кэриҥэ га сиргэ 1008,3 туонна от бэлэмнэннэ. От былаанын ситэрэргэ, толорорго чугас эргин мобильнай биригээдэлэри ыытан оттотор сорук турар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: