Нам улууһун икки тыһыынчаттан тахса олохтооҕо саҥа дьиэҕэ көстө

Share

Нам улууһугар икки тыһыынчаттан тахса киһи «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ»  РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин национальнай бырайыагын чэрчитинэн тус сыаллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан олорор усулуобуйатын тупсарар диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

Бу күннэргэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта оробуочай сырыытын кэмигэр, билигин оройуон киинигэр – Нам сэлиэнньэтигэр, элбэх кыбартыыралаах үс дьиэ үлэҕэ киирээри турарын көрдө-иһиттэ.

Бастакы дьиэ «АЭБ-Капитал» хампаанньа тута сылдьар 31 кыбартыыралаах дьиэтэ саҥа олорор кыбартаалга баар. Урут бу чуумпу оройуоҥҥа түөрт дьиэ тутуллубута, олортон аан бастакы 2021 сыллаахха киирбитэ.
Манна барыта 10 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх 8 дьиэ тутуллуохтаах, балартан үксүлэрэ хаарбах дьиэлэртэн көспүттэргэ бэриллиэҕэ.

Иккис 39 кыбартыыралаах дьиэни «Намстрой» хампаанньа Намҥа, үһүс 22 кыбартыыралаах дьиэни «Фордевинд» хампаанньа тута сылдьар.

«Бары эбийиэктэр үлэҕэ киирэр бэлэмнэрэ үрдүк – 90 %-тан тахса. Үлэлэр түмүктүүр түһүмэххэ сылдьаллар, сотору кэминэн дьиэлэргэ киирэн олоруохтара. Бу үс дьиэҕэ урут хаарбах дьиэлэргэ олорбут 90-тан тахса ыал кыбартыыра ылыахтара», – диэтэ Дмитрий Садовников.

Санатан эттэххэ, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыагын чэрчитинэн, Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү саамай улахан бырагыраамата олоххо киирэр. 2019 сылтан 40 тыһыынча киһи 700 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ хаарбах дьиэттэн көһөрүлүннэ. Бу сыллар усталарыгар араас муниципальнай тэриллиилэргэ барыта 200-тэн тахса элбэх кыбартыыралаах дьиэ киирдэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago