Нам улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларыгар оптуобус сырыыта олохтонно
Балаҕан ыйын 2 күнүттэн Нам—Хамаҕатта—Нам, Нам—Аппааны—Граф Биэрэгэ—Аппааны—Нам туһаайыыларынан уонна Ленскэй нэһилиэк иһигэр икки хайысханан дьону таһыыга маршрутнай оптуобус сырыыта саҕаланыаҕа.
«Нам улууһа» МТ салалтата уонна анал хамыыһыйа, суолунан куттала суох айанныыры хааччыйар Намнааҕы сулууспаны (ГИБДД), «Нам улууһа” МТ экэнэмиичэскэй сайдыытын управлениетын уонна хапытаалынай тутуу салаатын кытта ситимнээхтик үлэлээн, суолу-ииһи чинчийэн, суолга куттал суох буолууну хааччыйыы боппуруостарын дьүүллэһэн, тохтобуллары, маршруттары олохтооһуҥҥа олохтоохтор этиилэрин, санааларын учуоттаан, улуус олохтооругар олус наадалаах сырыы олохтонно.
«Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, быйыл Нам улууһугар анал бырагырааманан федеральнай бүддьүөт үбүлээн, икки саҥа пассажирдары таһар ПАЗ – 32053 оптуобус кэлбитэ. Көлөлөр «Ленскэй нэһилиэк” МТ балаансатыгар тураллар, МАУ «АРТ» тэрилтэ үлэлэтэр.
Айан төлөбүрүн сыаната: Нам-Аппааны – 50 солк., Нам-Граф Биэрэгэ – 55 солк., Нам-Хамаҕатта – 50 солкуобай. Улуустааҕы дьаһалта телеграм-ханаалыгар оптуобустар расписаниелара таҕыста.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: