Нам улууһун отчуттарын “хара ууттан” сэрэттилэр
24.07.2024, 20:26
Хаартыска -- "Нам улууһа" МТ пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:
Хойуу сөҥүү түһэн, Өлүөнэ, Алдан, Өлүөхүмэ өрүстэргэ “иккис долгун” кэлэн, уу таһыма биллэ үрдээбитин туһунан күнү-дьылы кэтээн көрөр гидрометеорологическай сулууспа иһитиннэрдэ.
«Бу күннэргэ өрүскэ уу таһыма Дьокуускай куорат, Нам улууһун эҥэр эмискэ үрдүөн сөп. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета өрүс арыытыгар оттуур отчуттар охсуллубут отторун мунньан, мунньуллубут отторун, тиэхиньикэлэрин арыыттан үрдүк сиргэ таһааран дьаһаналларыгар, ууттан сэрэхтээх буолалларыгар ыҥырар. “Хара уу” кэлиитэ сыл аайы хатыланар көстүү. Онон сорох намыһах сиринэн уу хонууларга тахсыан сөп», — диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар суруйда.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: