Нам улууһун салалтата байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарыгар көмө илдьиэҕэ
Бу дьыл сэтинньи ый саҥатыгар Нам улууһун дьаһалтатын 5 киһилээх бөлөҕө байыаннай дьайыы буола турар сиригэр, тирэх пууннарга биир дойдулаахтарын көрсө, көмө тиэрдэ айанныырга былаанныыр. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Улуустааҕы Дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин отделын начаалынньыга Екатерина Евстафьева: «Көмө аахсыйа саҕаланыаҕыттан улуус олохтоохторо, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр ытык иэстэрин толоро сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, хорсун-хоодуот уолаттарбытыгар бэйэлэрин көмөлөрүн аҕалан туттардылар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ «Память» буойун ийэлэр уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, Таастаах, Арбын, Салбаҥ, Кыһыл Дэриэбинэ нэһилиэктэрин олохтоохторо, улуустааҕы үөрэх управлениетын салалтата, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы уонна И.С. Гаврильев аатынан 1-кы №-дээх Нам орто оскуолаларын кэллэктииптэрэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Елена Муксунова ис дууһаларыттан уолаттарбытыгар туһалаах буоллун диэн санааттан бэйэлэрин көмөлөрүн: ас-үөл, наадалаах туттар мал-сал, таҥас-сап, эмп-томп аҕалан туттардылар», — диэн кэпсээтэ.
Ону таһынан, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар чугас дьонноро 42 анал баһыылкаларын аҕалан туттарбыттарын тиэрдиэхтэрэ. Улуус тэрилтэлэрин кэллэктииптэрэ 1000 устуука бэрэскини астаан туттарбыттар. Нэһилиэктэр собо балык, сибиэһэй сүөгэй тоҥорон ыыппыттар.
«Күүс-көмө буолбут хас биирдии улууспут олохтооҕор амарах уонна кыһамньылаах санааҕыт иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит! Уолаттарбытыгар дойдуларыттан кэлбит көмө күүс-уох эбиэҕэ, санааларын көтөҕүөҕэ диэн эрэнэбит!», — диэн санааларын этэллэр улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: