Нам улууһун салалтата байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарыгар көмө илдьиэҕэ

Share

Бу дьыл сэтинньи ый саҥатыгар Нам улууһун дьаһалтатын 5 киһилээх бөлөҕө байыаннай дьайыы буола турар сиригэр, тирэх пууннарга биир дойдулаахтарын көрсө, көмө тиэрдэ айанныырга былаанныыр. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Улуустааҕы Дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин отделын начаалынньыга Екатерина Евстафьева: «Көмө аахсыйа саҕаланыаҕыттан улуус олохтоохторо, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр ытык иэстэрин толоро сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, хорсун-хоодуот уолаттарбытыгар бэйэлэрин көмөлөрүн аҕалан туттардылар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ «Память» буойун ийэлэр уопсастыбаннай түмсүүлэрэ, Таастаах, Арбын, Салбаҥ, Кыһыл Дэриэбинэ нэһилиэктэрин олохтоохторо, улуустааҕы үөрэх управлениетын салалтата, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ  Арыы уонна И.С. Гаврильев аатынан 1-кы №-дээх Нам орто оскуолаларын кэллэктииптэрэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Елена Муксунова ис дууһаларыттан уолаттарбытыгар туһалаах буоллун диэн санааттан бэйэлэрин көмөлөрүн: ас-үөл, наадалаах туттар мал-сал, таҥас-сап, эмп-томп аҕалан туттардылар», — диэн кэпсээтэ.

Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан

Ону таһынан, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар чугас дьонноро 42 анал баһыылкаларын аҕалан туттарбыттарын тиэрдиэхтэрэ. Улуус тэрилтэлэрин кэллэктииптэрэ 1000 устуука бэрэскини астаан туттарбыттар. Нэһилиэктэр собо балык, сибиэһэй сүөгэй тоҥорон ыыппыттар.

«Күүс-көмө буолбут хас биирдии улууспут олохтооҕор амарах уонна кыһамньылаах санааҕыт иһин барҕа  махталбытын тиэрдэбит! Уолаттарбытыгар дойдуларыттан кэлбит көмө күүс-уох эбиэҕэ, санааларын көтөҕүөҕэ диэн эрэнэбит!», — диэн санааларын этэллэр улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

42 минуты ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Барыта Кыайыы туһугар!” Норуодунай фронт наҕараадаларын туттарыы буолла

Дьокуускайга иккис Өрөспүүбүлүкэтээҕи антифашистскай пуорум буолаары турдаҕына, “Норуодунай фронт. Барыта Кыайыы туһугар” бочуоттаах бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ…

3 часа ago