Салгыы
Нам улууһун тэрилтэлэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр

Нам улууһун тэрилтэлэрэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр

08.11.2024, 12:00
Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Билигин үгэс быһыытынан саха дьоно кыстыкка бэлэмнэнэллэр. От-мас киллэриитэ, муус ылыыта, о.д.а. үлэлэр эр киһи көмөтө суох кыаллыбаттар.

Нам улууһун тэрилтэлэрин кэллэктииптэрэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн салҕыыллар. Бу туһунан Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ Нам улууһунааҕы 23 №-дээх Баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспатын 1 баһаарынай чааһын тус састааба анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна төрөппүттэригэр муус ыллылар уонна дьиэлэригэр тиэйэн биэрдилэр.

Маннык көмө байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын Вадим Тимофеев кэргэнигэр Анжелика Михайловнаҕа уонна Евгений Мохначевскай аҕатыгар Вячеслав Николаевичка оҥордулар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: