Нам улууһун урбаанньыттара туһалаах үөрэҕи аастылар
Бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр, Арассыыйа предпринимателлэрин күнүн чэрчитинэн Нам улууһугар араас тэрээһиннэр буоллулар.
Бу туһунан «Нам улууһа» МТ дьаһалтатын пресс-киинин үлэһитэ Лариса Тимофеева бу курдук иһитиннэрдэ:
— «Нам улууһа – урбаан сайдыытын киинэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум чэрчитинэн тэриллибит үөрэх былаһааккаларыгар улуус урбаанньыттара араас сэминээрдэргэ, маастар-кылаастарга сырыттылар, лиэксийэлэри иһиттилэр.
Ол курдук, урбаанньыттар туризм салаатыгар биир кэлим үлэни тэрийии, уопсастыбаннай аһыыр сирдэргэ дьону аһатыыга сонун сүүрэннэри тобулуу, турбазаларга дьону сынньатыыга сахалыы тыыны киллэрии, агростартап уонна агротуризм курдук туризм көрүҥнэригэр гранынан өйөбүл боппуруостарыгар сүбэ-ама ыллылар.
Тэрээһиҥҥэ атын улуустартан кэлбит урбаанньыттар кыттан, бэрт көхтөөх, дириҥ ис хоһоонноох дьыалабыай кэпсэтии буолла. Урбаан эйгэтигэр үлэлиир дьон сонун сүүрээннэри, кэрэхсиир өрүттэрин ымпыгар-чымпыгар дылы ырыттылар, санааларын атастастылар. Хас биирдии спикер тиэмэлэрин сиһилии ырытан, урбаанньыттары кытта санаа атастаһыытын көҕүлээтилэр. Онон өрүттэр икки өттүттэн бүгүҥҥү тэрээһини олус көдьүүстээҕинэн билиннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: