Салгыы
Нам улууһуттан Степан Терешкин «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» бырагыраама куонкуруһун кыайыылааҕынан буолла

Нам улууһуттан Степан Терешкин «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» бырагыраама куонкуруһун кыайыылааҕынан буолла

20.08.2024, 19:52
Хаартыска: Лариса Тимофеева / Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

«Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» федеральнай бырагыраама гранын ылыы куонкуруһугар докумуону хомуйуу атырдьах ыйын 11 күнүгэр түмүктэммитэ.

Намнааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрбитинэн, куонкуруска бастаан утаа улуустан 6 бааһынай хаһаайыстыба кыттар баҕатын биллэрбит. Ол эрээри, быйылгыттан куонкурус балаһыанньатыгар кэккэ уларыйыылар киирэннэр, ол эбэтэр бэриллэр көмө харчы сууматыттан 30 % харчы (инники сылларга 15% этэ) хаһаайыстыба расчетнай счетугар баар буолуохтааҕа хаһаайыстыбаларга харгыстары үөскэппит.

2024 сылтан «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» федеральнай бырагыраама гранын суумата 30 мөл. харчыга диэри улааппыт (эрдэ 17 мөл. солк. этэ).  Куонкурус балаһыанньатыгар биир сүрүн уларыйыы —  куонкуруска эрдэ кыттыбыт хаһаайыстыбалар 3 сыл болдьохторо ааспыт буоллаҕына, иккистээн кыттар бырааптаммыттар.

Онон уларыйыы киирэн, Партизан нэһилиэгэр бааһынай хаһаайыстыбалаах Степан Терешкин бу куонкуруска иккистээн кытынна уонна биисинэс-бырайыага куонкуруһу ааһан, атырдьах ыйын 22 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта Сүбэлэҥ түһэрсэн 8 мөлүйүөн солкуобай суумалаах көмө харчы ылыаҕа. Пиэрмэр грант харчытынан ынах сүөһү турар хотонун туттар былааннаах.

Бу туһунан улуус дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
7
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: