Нам уонна Амма улуустара уопсастыбаннай көҕүлээһиҥҥэ уопуттарын атастаһаллар

Share

Бэҕэһээ, алтынньы 4 күнүгэ, Нам улууһугар Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Ньургуйаана Илларионова салайааччылаах дэлэгээссийэ ыалдьыттаата.

Аммалар оробуочай сырыыларын сүрүн сыалынан “Олоҕу үлэнэн туппуппут”, “Өлбөт-сүппэт Ийэ полката” гражданскай бырайыактары уопуттарын тарҕатыы буолар диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэҕэ тэриллибит истиҥ көрсүһүүнү Нам улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Юрий Дьяконов иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Ньургуйаана Илларионова Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын матырыйаалларынан бэчээккэ тахсыбыт “Амма фольклора” кинигэни, эҕэрдэ суруктары туттарда. Юрий Дьяконов ыалдьыттарга киэн туттар биир дойдулаахпыт, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй  диэйэтэл Илья Егорович Винокуров туһунан кинигэни бэлэх уунна.

Салгыы Алтан нэһилиэгиттэн “Олоҕу үлэнэн туппуппут” видео-хомуурунньук бырайыак ааптара Наталья Борисова, “Россия ийэлэрэ” уопсастыбаннай түмсүү Амматааҕы салаатын салайааччыта Оксана Архипова, Матрена Карманова, бырайыак улуустааҕы координатора Галина Бочугурова, уопсастыбанньыктар – Матрена Карманова, Бөтүҥ нэһилиэгиттэн оҕо уһуйаанын иитээччитэ Серафима Яковлева уонна Александра Егорова, Күннүк Уурастыырап аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дириэктэрэ Прокопий Прокопьев уопуттарын сырдаттылар.

Аммалар Наталья Борисова, Римма Дьячковская көҕүлээһиннэринэн, 1950-1980 сс. үлэлээн-хамнаан ааспыт дьоннорун үйэтитэр сыаллаах “Олоҕу үлэнэн туппуппут” видео-хомуурунньугу оҥорууну 5-с сылын ситиһиилээхтик үлэлэтэллэрин кэпсээтилэр. Оччолорго улуус баһылыгынан үлэлээбит Николай Архипов саҕалааһынынан, билиҥҥи улуус баһылыга Степан Кузьмин өйөөһүнүнэн, бу гражданскай бырайыак бүгүҥҥү күҥҥэ “Трудовое наследие Якутии” диэн ааттанан Саха сирин үрдүнэн улахан билиниини ылла. Уопсастыбанньыктар киэҥ далааһыннаах үлэлэригэр улуустааҕы киин бибилэтиэкэ улаханнык көмөлөһөр. Бөтүҥтэн Серафима Яковлева 90-ча видеону оҥорон нэһилиэк дьаһалтатын, улууһун, бибилэтиэкэтин сайтарыгар киллэрэрин кэпсээтэ. Алтаннар 200-тэн тахса видеону бэлэмнээбиттэр. Билиҥҥи кэмҥэ улуус 14 нэһилиэгин үрдүнэн уопсайа 1000 кэриҥэ видеосюжет оҥоһуллубут.

Маны сэргэ аммалар “Бессмертный материнский полк” бырайыактарынан Кыайыы 75 сылынан “Кыайыы ийэлэрэ” кинигэни хомуйан таһаарбыттар. Манна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уолаттара кыттыбыт 575 ийэ аата, хаартыската киирбит.

Бу күн улууспут нэһилиэктэриттэн уопсастыбаннай түмсүүлэр көхтөөх кыттыыны ыллылар, санааларын атастастылар, этиилэри киллэрдилэр. Ол курдук, улуустааҕы дьиэ кэргэн уонна ыччат бэлиитикэтин отделын начаалынньыга Екатерина Евстафьева, улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Софья Кобякова, Хатыҥ Арыыттан Надежда Сивцева, Хатырыктан Аглаида Макитова кэпсэтиигэ кытыннылар, үлэһит дьоннорун үйэтитиигэ, уопсастыбаннай үлэни тэрийиигэ баай уопуттарын үллэһиннилэр.

Хаартыска Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыттан
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

13 часов ago