Нам уонна Өлүөхүмэ пиэрмэрдэригэр көмө оҥоһуллар
Саха сиригэр халаан уутун содулуттан киһи долгуйар, хараастар. Онон дьон-сэргэ уталыппакка эмсэҕэлээбиттэргэ бэйэтин көмөтүн тиэрдэргэ сорунар. Ону кытта өрөспүүбүлүкэ пиэрмэрдэрэ эмиэ көмө оҥорорго туруннулар.
Саха сирин улуустарынан халаан уутун содулун туоратыы үлэлэрин ыытыы бастакы күннэриттэн Саха сирин пиэрмэрдэрин, бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыатын хаһаайыстыбатын кээпэрэтииптэрин Ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Александр Артемьев бу уустук быһыыга-майгыга түбэспит биир дойдулаахтарын уонна эмсэҕэлээбит аграрийдары өйүүргэ «АККОР» чилиэннэригэр ыҥырыы ыытта.
«Бү күннэргэ ыҥырыынан тахсан, барыта 44 пиэрмэр туох кыалларынан көмө оҥороллор. Үбүнэн-харчынан эрэ буолбакка, матырыйаалынай көмөнү эмиэ ыыталлар. Сүрүннээн хаһаайыстыбалар 3-4 ыйдаах ньирэйдэри сүөһү ахсаанын чөлүгэр түһэрэргэ анаатылар. Ону кытта хаһаайыстыбалар биир туонна сиэмэ хортуоппуйу, икки туонна комбинированнай аһылыгы уонна бурдугу сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарын аграрийдарыгар биэрэргэ бэлэмнэр», — диир Александр Артемьев.
Маны таһынан Саҥа пиэрмэрдэр түмсүүлэрэ Хатырык нэһилиэгин эдэр пиэрмэрэ Айсен Парниковка аадырыстаах көмө оҥордулар.
«Биһиги бу альдархай ааҥнаабытыгар биир идэлээхтэрбитин көмөтө суох хаалларбаппыт. Өр толкуйдаабакка, Үөһээ Дьааҥы, Анаабыр, Сунтаар, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Чурапчы, о.д.а. улуустарыттан 27 пиэрмэр көмөлөстүлэр. Тулабытыгар уустук түгэҥҥэ көмөнү оҥорор бэлэм дьон баар буолалларыттан олус үөрэбит. Биһиги күүспүт — сомоҕолоһууга!» — диэн суруналыыс, пиэрмэр Полина Николаева «Куораттан дэриэбинэҕэ: пиэрмэр» ТГ-ханаалыгар суруйар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Айаал Парников элбэх оҕолоох ыал аҕата, сүөһү иитиитинэн дьарыктанар, 2021 сылга 5 мөл. солк. суумалаах «Агростарап» граны ылары ситиспитэ. Билигин хаһаайыстыбатыгар 70-тан тахса сүөһүлээх, итинтэн ыанар ынаҕа – 25. Дьолго, халаан уутун кэмигэр сүөһү өлбөтөх эрээри, эдэр ыал дьиэтэ эмсэҕэлээбит.
Биллэн турар өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ айылҕа алдьархайыттан эмсэҕэлээбиттэргэ күүстээх көмөнү оҥорор. Ким да туора туран хаалбата чахчы. Биһиги биир идэлээхтэрбитин сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмөнү хомуйуу уопсай дьыалаҕа киллэрсэр кылааттарын иһин махтанабыт диэн СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: