Нам ытык кырдьаҕаһа хортуоппуйун, оҕуруотун аһын хомуйда
Нам улууһун Партизан нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, Нам улууһун, Партизан нэһилиэгин Ытык киһитэ, Бочуоттаах спорт ветерана, СӨ Бочуоттаах тутааччыта, быйыл 85 сааһын туолар Михаил Иванович Иванов быйылгы оҕуруотун үүнүүтүн хомуйан түмүктээтэ.
Бу иннинээҕи күннэргэ 13 куул хортуоппуй, куул аҥаара сүбүөкүлэ, помидор үүннэрбитин хомуйбута.
Михаил Иванович ону таһынан оҕурсу, укроп, хара хаптаҕас үүннэрэр, сайыннары көрөр-харайар. Оҕурсуну, помидору бэйэтэ рассадалаан үүннэрэрин сөбүлүүр.
Сайын илиитинэн от охсор, дулҕа кэрдэн оттуур сир оҥорор, күрүө тутар, өрөмүөннүүр.
Бу үлэлэри бэйэтэ дьарык оҥостон дьарыктанарын сөбүлүүр.
Ытык киһи оҕо эрдэҕиттэн колхозка, онтон тыа сирин тутуутугар 40-ча сыл биригэдьииринэн Нам улууһа сайдыытын туһугар үлэлээбитэ. 72-с сылын биир да сыл тохтобула суох Партизан нэһилиэгин спорка ситиһиилээхтик көмүскүү сылдьар. Эдэригэр Нам улууһун чиэһин тустууга, саахымакка чиэстээхтик көмүскээбитэ.
Эдэр дьоҥҥо, ыарахан илии үлэтиттэн туора турбакка, толлубакка ылсан үлэлииллэригэр, чиэһинэй уонна дьоҥҥо убаастабыллаах, бэйэ бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыаннаах буолалларыгар баҕарар.
«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: