Нам ытык кырдьаҕаһа хортуоппуйун, оҕуруотун аһын хомуйда

Share

Нам улууһун Партизан нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, Нам улууһун, Партизан нэһилиэгин Ытык киһитэ, Бочуоттаах спорт ветерана, СӨ Бочуоттаах тутааччыта, быйыл 85 сааһын туолар Михаил Иванович Иванов  быйылгы оҕуруотун үүнүүтүн хомуйан түмүктээтэ.

Бу иннинээҕи күннэргэ 13 куул хортуоппуй, куул аҥаара сүбүөкүлэ, помидор үүннэрбитин хомуйбута.

Михаил Иванович ону таһынан оҕурсу, укроп, хара хаптаҕас үүннэрэр, сайыннары көрөр-харайар. Оҕурсуну, помидору бэйэтэ рассадалаан үүннэрэрин сөбүлүүр.
Сайын илиитинэн от охсор, дулҕа кэрдэн оттуур сир оҥорор, күрүө тутар, өрөмүөннүүр.
Бу үлэлэри бэйэтэ дьарык оҥостон дьарыктанарын сөбүлүүр.

Ытык киһи оҕо эрдэҕиттэн колхозка, онтон тыа сирин тутуутугар 40-ча сыл биригэдьииринэн Нам улууһа сайдыытын туһугар үлэлээбитэ. 72-с сылын биир да сыл тохтобула суох Партизан нэһилиэгин спорка ситиһиилээхтик көмүскүү сылдьар. Эдэригэр Нам улууһун чиэһин тустууга, саахымакка чиэстээхтик көмүскээбитэ.

"Нам улууһа" МТ пресс-сулууспата

Эдэр дьоҥҥо, ыарахан илии үлэтиттэн туора турбакка, толлубакка ылсан үлэлииллэригэр, чиэһинэй уонна дьоҥҥо убаастабыллаах, бэйэ бэйэҕэ харыстабыллаах  сыһыаннаах буолалларыгар баҕарар.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

34 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago