Намҥа 2024 сыл бастыҥ нэһилиэктэрэ ааттаннылар
Нам улууһугар бастыҥ үлэлээх нэһилиэктэри быһаарар үгэскэ кубулуйбут «Сыл бастыҥнара-2024» тэрээһин буолан ааста.
М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыытын дыбарыаһыгар мунньах кыттыылаахтарын улуус баһылыга Юрий Слепцов эҕэрдэлээтэ. Кини ааспыт сылга халаан уутун содулун туоратыыга төһө даҕаны ыарахаттар баалларын үрдүнэн, Нам улууһун дьоно-сэргэтэ биир киһи курдук турунан, үлэлээн-хамсаан, кыстыкка этэҥҥэ киирэн сылы кэккэ ситиһиилэрдээх түмүктээбиттэрин иһитиннэрдэ. Кини халаан уутун содулун туоратыыга үлэлээбит дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ, урбаанньыттарга, биирдиилээн түмсүүлэргэ уонна көмөлөспүт улуустарга истиҥ махтал тылларын тиэртэ, ол кэннэ наҕараадалары туттарда.
«Үлэбит сүрүн ситиһиитинэн улууспутугар ыал буолуу уонна элбэх оҕолонуу ахсаана элбиир. Ол курдук, 2020 сылга улууска 1195 дьиэ кэргэттэр баар эбит буоллахтарына, былырыын уопсайа 1429 ыал баар буолбута бэлиэтэннэ. Байыаннай дьайыыга кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин күннээҕи кыһалҕаларын быһаарыыга нэһилиэк дьаһалталарын кытта күн бүгүҥҥэ диэри бииргэ үлэлиибит. Тутуу уонна суол хаһаайыстыбатын эйгэтигэр туруоруммут сорукпутун ситиһиилээхтик толорон иһэбит. Модут нэһилиэгэр 150 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киирдэ. Нам сэлиэнньэтигэр 450 миэстэлээх оскуола эбийиэгэ уонна мэдиссиинэ куорпуһа тутуллаллар. 2026 сылга Түбэҕэ оскуола-уһуйаан үлэҕэ киириэҕэ», – диэтэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: