Намҥа 58 ыалга саҥа дьиэ күлүүһүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар

Share

Дойду Аҕа баһылыга  Владимир Путин көҕүлээһининэн «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаммыт бырагыраама Нам улууһугар тэтимнээхтик үлэлиир.

Бэҕэһээ, тохсунньу 26 күнүгэр,  Нам улууһун  киинигэр  элбэх кыбартыыралаах түөрт саҥа дьиэ үлэҕэ киириилэрин сиэрэ-туома ыытылынна.

Ол курдук, 39 №-дээх Ленин уонна 2 №-дээх Минияров уулуссаларыгар дьиэлэри «Перспектива» ХЭТ (дир. Вадим Анисимов), 26 №-дээх Аммосов уулуссатыгар «Лигран» ХЭТ (ген. дир. Григорий Кобяков) уонна 59 №-дээх Ст. Платонов уулуссатыгар 2 кыбартыыралаах дьиэни ИП Соловьев В.И. (Владислав Соловьев) тутан киллэрдилэр диэн улуус дьаһалатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

https://t.me/namskiyulus

Саҥа тутуулар 2023 сыллаахха сыбаайалара түһэн бу сылга үлэҕэ киирдилэр. Бу дьиэлэр бары таас, толору хааччыллыылаах, бары ирдэбилгэ эппиэттииллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, «Лигран» ХЭТ туппут дьиэтин бастакы этээһигэр тэрилтэлэр киириэхтэрэ. Ону сэргэ быйыл өссө иккис түһүмэҕэ ыытыллан, эбии 12 кыбартыыраҕа  дьон көһөн киириэҕэ.

Үөрүүлээх арыллыы тэрээһиннэригэр «Ленскэй нэһилиэк» МТ  баһылыга Петр Сокольников, солбуйааччыта Петр Владимиров, улуустааҕы капитальнай тутуу уонна архитектура управлениетын начальнигын э.т. Алексей Кондаков, бэдэрээтчиттэр саҥа дьиэ хаһаайыттарын эҕэрдэлээтилэр, баҕа санааларын тиэртилэр диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үөдүгэй олохтоохторо «Баҕа санаа харыйатыгар» кыттыһаллар

Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин салалтата уонна олохтоохтор Саха сиригэр саҕаламмыт аахсыйа чэрчитинэн Саҥа…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл билгэтэ: “Сайын диэки дьайыыбыт уҕарыйыа”

Сыл бүтүүтэ түмүктэри таһаараллар, кэлэр сыл хайдах буолуоҕун билгэлээн көрөллөр. Дьэ, 2025 сыл хайдах буолуоҕай,…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр 60-тан тахса кыраадыс тымныы бэлиэтэннэ

Ахсынньыга сылыйан баран, ый бүтүүтэ тымныыбыт баарын биллэрэн эрэр.   Биллэн турар, бастакынан чысхаан тымныы полюһунан…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыл аккырыыккалара

Саҥа дьылга эҕэрдэлэһэн буостанан аккырыыкка ыытыһар үтүө үгэс баара. Ол аныгы үйэҕэ уларыйан турар. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 2030 сылга диэри туризмы сайыннарыы

Сүбэ мунньахха Ил Дархан Айсен Николаевка Саха сиригэр 2030 сылга диэри туризмы сайыннарыы стратегиятын кэпсээтилэр.…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай» хайысханан оптуобус сырыыта

2025 сыл тохсунньу саҥатыттан "Дьокуускай-Жатай-Дьокуускай" хайысханан билигин сылдьар  109, 111  №-дээх оптуобустар оннуларыгар 209 уонна…

3 часа ago