Салгыы
Намҥа бэҕэһээ хас да киһи эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста

Намҥа бэҕэһээ хас да киһи эчэйиилээх суол быһылаана таҕыста

Ааптар:
12.01.2025, 12:55
https://t.me/gibdd14
Бөлөххө киир:

Нам оройуонугар бэҕэһээ, тохсунньу 11 күнүгэр, хас да киһи  эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбытын туһунан саайтпытыгар суруйан турабыт.

Госавтоиниспиэксийэ суруйарынан, «Нам» суол 75 км киэһэ 20 чаас 40 мүн.  1979 сыллаах төрүөх суоппар «Тойота Ипсум» массыынаны ыытан иһэн, уруулун кыайан туппакка, утары балаһаҕа тахсан, суолтан тахсан түҥнэстэн,  «Хонда Фреед» массыынаны кытта харсыспыт.

«Тойота Ипсум» 1978 с.т. пассажира суорума суолламмыт, үс киһи араас эчэйиини ылбыт.

Анаалыс  кэннэ биллибитэ, суоппар арыгы испитэ бэлиэтэммит (0,643 мг/л).

Билигин быһылаан тахсыбыт төрүөтүн быһаараллар.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, үс киһи бэҕэһээ Намнааҕы киин балыыһаҕа   киллэриллибит.

Бүгүҥҥү туругунан кинилэр туруктара ортоһуор.  Икки киһи амбулаторнай көрүүгэ ыытыллыбыт. Эмсэҕэлээбит дьоҥҥо туох баар мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллар.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
21
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -43°C
  • Ощущается: -50°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: