Намнар бэлисипиэтинэн айаннаатылар
Намнар сыллата маннык үтүө тэрээһини тэрийэн ыыталлар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр Нам улууһун бэлисипиэтинэн айаны сөбүлээччилэрин «Намвел» кулууптара уонна М.К.Аммосов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын түмэлэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Нам — Хатырык — Нам» маршрутунан 70 км бэлисипиэтинэн айаны тэрийдилэр. Дьокуускай куораттан кыттыылаах уопсайа 26 велосипедист, биэс улуус уонна куорат аатыттан марафоҥҥа кыттыыны ыллылар.
Марафон кыттыылаахтара улуус киинигэр художественнай музейга С.Н.Колесов быыстапкатын көрдүлэр, онтон Максим Аммосов пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Салгыы Хатырыкка айаннаатылар. Хатырыкка Максим Аммосов пааматынньыгар сибэккилэри уурдулар. Ыалдьыттар кылтан-сиэлтэн быыстапканы көрдүлэр, оһуохайга кытыннылар. Култуура уонна успуорт киинигэр волейболга, дартска күрэхтэстилэр. Түмэл тэлгэһэтигэр бэлисипиэт быыстапката тэрилиннэ.
Чөл, чэгиэн олоҕу тарҕатар бэлисипиэтинэн айаннааччылар тэрээһиннэрэ РФ Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо успуордун сылларыгар ананна диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: