Намҥа БКЭ үрдүк баалга туттарбыттарга бириэмийэ олохтонно

Share

Быйыл Нам улууһун оскуолаларын 228 оҕо бүтэрдэ. Нам киинигэр М.К. Аммосов болуоссатыгар оскуоланы кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбит үөрэнээччилэри, ону сэргэ биир кэлим экзамен түмүгүнэн үрдүк баалы ылбыт выпускниктары, төрөппүттэри, учууталлары чиэстээтилэр.

Бастыҥ үөрэнээччилэри, кинилэр төрөппүттэрин уонна учууталлары улуус баһылыга Юрий Слепцов, улуустааҕы үөрэх салаатын салайааччыта Мария Игнатьева эҕэрдэлээтилэр. Улуус баһылыгын грамоталарын уонна харчынан бириэмийэлэри оҕолорго, махтал суруктарын төрөппүттэргэ, үөрэх салаатын грамоталарын бастыҥ учууталларга туттардылар. Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит выпускниктар:  Дайаана Белолюбская, В.П. Артамонов аат. Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей;   Игорь Куличкин, И.С. Гаврильев аат. Нам 1 №-дээх орто оскуолата; Нарыйана Кривошапкина, И.С. Гаврильев аат. Нам 1 №-дээх орто оскуолата; Юрий Марков, Нам 2 №-дээх орто оскуолата; Анатолий Федоров, Нам 2 №-дээх орто оскуолата;Анастасия Молчанова, Нам 2 №-дээх орто оскуолата; Валентина Атласова, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия; Лилиана Попова, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия; Арианна Колпашникова, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия; Лана Маркова, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия; Алексей Гоголев, Е.П. Сивцев аат. Иккис Хомустаах орто оскуолата.  «Манна биири даҕатан этиэҕи баҕарыллар, Иккис Хомустаах орто оскуолатын бүтэрбит Алексей Гоголев бииргэ төрөөбүт бэһиэлэр, бу дьиэ кэргэҥҥэ үһүс көмүс мэтээл кэллэ. Ульяна Николаевна уонна Юрий Алексеевич Гоголевтар дьиэ кэргэн кыһамньылаах, ирдэбиллээх иитиилэрин түмүгэ буолар. Бииргэ төрөөбүт быраата 9-с кылааһы эмиэ ситиһиилээхтик бүтэрдэ», — диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата чопчулуур.

Оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбит выпускниктар:  Лев Заболоцкай, Д.Ф. Алексеев аат. Бастакы Хомустаах орто оскуолата; Диана Охлопкова, И.С. Гаврильев аат. Нам 1 №-дээх орто оскуолата; Айтал Павлов, И.С. Гаврильев аат. Нам 1 №-дээх орто оскуолата;  Даниил Протопопов, И.С. Гаврильев аат. Нам 1 №-дээх орто оскуолата;  Анастасия Лукина, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия;   Дайаана Москвитина, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия; Карина Рыкунова, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия; Марина Соловьева, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия; Күннэй Табунанова, Н.С. Охлопков аат. Намнааҕы улуустааҕы гимназия;  Антон Потапов, Нам 2 №-дээх орто оскуолата;  Анастасия Атласова, Нам 2 №-дээх орто оскуолата;  Нарыйаана Сивцева, Нам 2 №-дээх орто оскуолата; Карина Николаева, Нам 2 №-дээх орто оскуолата; Артур Окоемов, Нам 2 №-дээх орто оскуолата;  Лейла Ермолаева, М.К. Аммосов аат. Хатырык орто оскуолата;  Сарыал Зырянов, З.П. Саввин аат. Үөдэй орто оскуолата;  Александра Жиркова, В.П. Артамонов аат. Хамаҕаттатааҕы саха-французскай лицей.

https://t.me/namskiyulus
https://t.me/namskiyulus
https://t.me/namskiyulus
https://t.me/namskiyulus
https://t.me/namskiyulus
https://t.me/namskiyulus
Улуус баһылыга Юрий Слепцов анал дьаһалынан, биир кэлим экзамеҥҥа 80-100 баалга туттарбыт оҕолорго биир кэмнээх төлөбүр, ону сэргэ 2023 сылтан үрдүк баалы ылалларыгар бэлэмнээбит учууталларга бириэмийэ олохтоммута.

-Быйыл улууспутугар бастакытын 100 баалы химия предметигэр ылбыт Юрий Марков аатын киэн тутта ааттыыбыт. Күндү оҕолорбутун, кинилэр төрөппүттэрин, убаастабыллаах учууталларын бу бэлиэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Оҕолор, баҕарар үөрэххитигэр туттарсан киирэн, сөбүлүүр идэҕитин баһылаан улууспут, республикабыт сайдыытын туһугар үлэлиэххит, айыаххыт-тутуоххут диэн эрэнэбит!, — диэн  «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата суруйда.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago