Намҥа Дьиэ кэргэн спартакиадатын ыыттылар

Share

Ааспыт өрөбүллэргэ Нам сэлиэнньэтин  “Госстрах» түөлбэтигэр Тырылгиннар  сыдьааннара  Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо успуордун сылларынан Дьиэ кэргэн спартакиадатын тэрийэн ыыттылар.

Бу күн Тырылгиннар  дьиэ кэргэттэрин кубогын иһин 14 дьиэ кэргэн Орто Халыма Иккис Мээтис, Хатыҥнаах нэһилиэктэриттэн, Дьокуускайтан, Нам сэлиэнньэтиттэн, Партизантан мустан кэлэн, успуорт 8 көрүҥэр күрэхтэстилэр.  Күрэхтэһиигэ Колпашниковтар икки  байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттара уоппуска кэмигэр кэлэн  кыттыыны ыллылар.

Спартакиада улууска бастакынан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Дьиэ кэргэн улахан өрөбүллэрэ» тэрээһини ыытар туһунан дьаһалыгар олоҕуран ыытылынна. Тэрээһин сыала-соруга — ыччакка аймахтыы сыһыаны иитии,  эти-хааны эрчийии, чөл олоҕу көҕүлээһин, өбүгэ оонньууларын сөргүтүү. Уопсайа 50-ча улахан киһи уонна оҕо кытынна. Дьиэ кэргэттэр остуол тенниһигэр, дартска, хорнхолга, остуолга оонньонор ат сүүрдүүтүгэр, ох саанан ытыыга, “кольцону” быраҕыыга, мас тардыһыытыгар көхтөөхтүк кытыннылар.

Спартакиаданы тэрийбит Вера Колпашникова  “Нам улууһа”  МТ баһылыгар Юрий Слепцовка, “Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыгар Петр Сокольниковка, баһылык солбуйааччытыгар  Петр Владимировка, МАУ АРТ салайааччытыгар Виктор Яковлевка, “Лидер” успуорт тэрилтэтин салайааччытыгар Иван Яковлевка, Намтан Любовь, Николай Кривошапкиннарга, Партизантан Мария, Валериан Колпашниковтарга, түөлбэ олохтоохторугар Николай Кондаковка, Анастасия Старостинаҕа, Олоҥхо дьиэтин кэлэктиибигэр, Аҕа сүбэтигэр, Хамаҕаттаттан Руслан, Анна Захаровтарга, Сандаара Оротоо  дьиэ кэргэттэригэр спартакиада ыытыллыытыгар көмөлөрүн иһин барҕа махтал тылларын тиэртэ.

Бу туһунан “Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago