Салгыы
Намҥа «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа элбэх киһи кытынна

Намҥа «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа элбэх киһи кытынна

Ааптар:
09.05.2023, 09:30
Хаартыска: "Нам улууһа" МТ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн көрсө, ыам ыйын 8 күнүгэр, Нам сэлиэнньэтин киинигэр үгэскэ кубулуйбут дойдубут үрдүнэн ыытыллар «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаны  улуустааҕы ыччат уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин  отдела уонна И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж бэрт тэрээһиннээхтик ыыттылар диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Сүүсчэкэ устудьуон араас дьүһүннээх былаахтары тутан сэлэлии хааман кэллилэр. Сквергэ киириигэ оскуола оҕолоро кэлбит ыалдьыттарга, дьоҥҥо-сэргэҕэ Георгиевскай лиэнтэ уонна ыстакааҥҥа чүмэчи түҥэттилэр.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһын Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия 8 кылааһын үөрэнээччитэ Роман Кутуков «Сураҕа суох саллаат» хоһоонунан саҕалаата. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут буойуттарбытын кэриэстээн биир мүнүүтэлээх  чуумпуран туруу буолла. Ол кэннэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, улуус депутаттарын сэбиэтин председателэ Алексей Винокуров, тыыл ветерана, Иван Бубякин, Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников, улуустааҕы гимназия директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччы Егор Протопопов тыл эттилэр.
Анна Нестерева мустубут дьоҥҥо ырыатын анаата.

Нэһилиэк олохтоохторо «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа кыттыһан чүмэчи уматан ууран «За нами победа» диэн сурук таһаардылар.

Халлаан төһө да тымныытын иһин ураты суолталаах тэрээһиҥҥэ элбэх киһи кытынна диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 69% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: