Намҥа култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа тутуллар

Share

Быйыл намнар киэн туттар биир дойдулаахпыт, уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна политическай диэйэтэл, Саха Автономиятын төрүттээбит Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылын чэрчитинэн төрөөбүт сиригэр, Нам улууһугар, үгүс тутуулар ыытыллан түмүктэнэн эрэллэр.

Ол курдук улуус киинигэр, Намҥа, М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа аанын cотору кэминэн тэлэччи аһыаҕа. Эбийиэги Максим Аммосов төрөөбүтэ 125 сылын уонна Саха АССР 100 сылын чиэһигэр, АЛРОСА хампаанньа үбүн суотугар Үүнэр көлүөнэ пуондата тутар. Үс мэндиэмэннээх, 5 тыһыынчаттан тахса кв.м. иэннээх дьиэ өрөспүүбүлүкэбит биир саамай тупсаҕай оҥоһуулаах аныгы тэриллиилээх дьиэтэ буолуоҕа.
Тутуу хайдах саҕаламмытын санатан кэпсиир буоллахха, Нам улууһун нэһилиэнньэтин кытары көрсүһүүгэ оройуоҥҥа култуура суолталаах саҥа эбийиэк наадатын туһунан өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар этии киллэрбиттэрэ. Ил Дархан сорудаҕынан эбийиэк Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын бырагырааматыгар киллэриллибитэ. Эбийиэк 2020 сылтан тутуллар, 2022 сылга, оруобуна Максим Аммосов үбүлүөйүгэр олоххо киирэрэ былааннанар. Саҥа тутуу архитектурата уустук оҥоһуулаах, банкеттыыр саалата ураһа быһыылаах, бырайыак дизайн-бырайыагын быһыытынан национальнай стиллээх буолуоҕа.
Билигин тас үлэлэр түмүктэннилэр. Ис уонна тас өттүн тупсарыы, сылааһы киллэрии, канализация, уу, уот ситимнэрин тардыы, салгыны ыраастыыр тэриллэри олордууну бэдэрээттэһэр тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ – «РФА-Инвест» ИФК АУо генеральнай дириэктэрэ Семен Софронов оҥорор.
Эбийиэк уопсай иэнэ — 5692 кв. м. Манна Нам улууһун Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, 1956 сылтан Нам сэлиэнньэтигэр үлэлиир А.Ф. Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтэ, Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейа, ЗАГС отдела, Национальнай художественнай музей Намнааҕы филиала көһөн олохсуйуохтара.
Дыбарыас аһылыннаҕына, 400-чэ киһи батар кыахтаныа. Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов эппитинэн, АЛРОСА үбүнэн кыттыытынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын тутуу Нам улууһун олохтоохторун өр сыллаах баҕа санааларын туолуутунан буолар.

«Култуура саҥа дыбарыаһа национальнай култуура улахан комплексын киининэн буолуоҕа. Манна кэккэлэһэ саха уһулуччулаах бэйиэтэ Илья Винокуров-Чаҕылҕан музейа, саха национальнай архитектурата стиллээх дьиэлэр, Максим Аммосов аатынан болуоссат баар буолуохтара», — диэн этэр.
Маны сэргэ, СӨ национальнай художественнай музей Намнааҕы филиала манна олохсуйуоҕа. 600 хартыына хараллыаҕа. Аныгылыы люстралаах, маҥан үрүттээх, сырдык истиэнэлэрдээх, керамогранит муосталаах, уопсайа 117 кв.м, о.и. фондохранилищета 35 кв.м, экспозиционнай зоната 68 кв.м иэннээх сир уонна 12 кв.м иэннээх тамбур оҥоһуллаллар. Экспозиционнай зонаҕа хартыына ыйанар сирэ, люстраны сэргэ уоту-күөһү күүһүрдэр точечнай подсветкалар ыйаныахтара. Декоративнай-прикладной оҥоһуктар анал уоттаах витриналарга хараллыахтара. Истиэнэҕэ проектордаах экран ыйаныаҕа. Музей видеонан кэтээн көрөр тэрилинэн, баһаарынай сигнализациянан толору хааччыллыаҕа.
Оттон П.И. Сивцев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл экспонаттара 4 сааланан көрдөрүүгэ туруохтара. Манна 7 музейнай экспозиция уонна туспа быыстапка саалата баар буолуохтара. Хас биирдии экспозицияҕа ураты дизайннаах витриналар оҥоһуллуохтара. Маны сэргэ олорор сирдэрэ хомуллар, улахан экраннаах музей бэйэтэ бас билэр конференц-саалаланыаҕа. Саала аайы интерактивнай остуол уонна истиэнэҕэ ыйанар монитордар былааннаналлар. Манна түмэлгэ харалла сытар экспозициялар уонна хас биирдии экспонат туһунан информация сиһилии бэриллиэҕэ. Түмэл 2 көрүҥ: экскурсовод уонна аудиогид көмөлөрүнэн эксурсиялары ыытар кыахтаныаҕа. Оччотугар аудиогид көмөтүнэн көрөөччүлэр экскурсовода суох анал тэрили сиэптэригэр укта сылдьан, экспонаттары билсиэхтэрэ. Харайар саала сүүрэ сылдьар полкаларынан, о.д.а. аныгы тэриллэринэн сэбилэниэҕэ. Киинэ архыыба эмиэ туспа хранилищеланыаҕа. Экспозиция барыта турдаҕына, үлэ куйаар ситимин нөҥүө барыаҕа. Киһи аан дойду хайа баҕарар муннугуттан киирэн, түмэл туһунан толору информацияны ылара ситиһиллиэҕэ.
Бу сылга диэри бэйэтэ бас билэр дьиэтэ-уота суох ЗАГС отдела дыбарыаска көһөн киириэҕэ. Урут ЗАГС салаата улуустан хааччыллар буоллаҕына, кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэ боломуочуйатыгар көһөн, уустук балаһыанньа үөскээбитэ. Үлэһиттэр дьиэттэн дьиэҕэ көһөн, күчүмэҕэйдэри көрсүбүттэрэ. Билигин «Алмазкредитсервис» тэрилтэ дьиэтин биир хоһугар кыбыллан үлэлииллэр. Манна ыал буолар дьону регистрациялыыллар, кыһыл көмүс сыбаайбалаахтары чиэстииллэр. Юрий Иннокентьевич Слепцов улуус баһылыгынан талыллаат, эдэр ыалларбытын кэскиллээх олохторун түстүүр, олоҕу дьоһуннаахтык олорбут кыһыл көмүс сыбаайбалаахтарбытын чиэстээһини үчүгэй дьиэҕэ-уокка бэлиэтиэххэ наада диэн үлэни-хамнаһы саҕалаан, саҥа тутуллар дыбарыаска көһөөрү сылдьаллар.
ЗАГС-а дьиэтин киирии аана Максим Кирович Аммосов болуоссатын өттүттэн былааннанна. Эдэрдэр “Комната жениха и невесты” диэн хоско киирэннэр кэтэһэн, тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар регистрациялыыр саалаҕа ааһаллар. Онно ыал буолбуттарын регистрациялаан, эҕэрдэлэһэн баран, М.К. Аммосов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара. ЗАГС тахсан эдэрдэр хаартыскаҕа түһэллэригэр, үөрүүлээх түгэннэрин куораттан туох да итэҕэһэ суох бэлиэтииллэригэр усулуобуйа баар буолуоҕа. ЗАГС саалатын аттыгар дьону приемнуур офис, киэҥ-куоҥ вестибюль баар буолуохтара. Маны сэргэ анал температурнай режимнээх, аныгы тэриллээх архыып хоһо оҥоһуллар. Бу курдук улуус баһылыга Юрий Слепцов ЗАГС отделын туора туппакка, үп-ас буларга көмөлөстө. Онуоха аныгы сайдыылаах үйэҕэ хас эмэ көлүөнэ дьон баҕа санаалара олоххо киирэн эрэриттэн нэһилиэнньэ үөрэрин биллэрэр.
400 миэстэлээх саалалаах дыбарыаска бибилэтиэкэ 3, музей 2 этээһинэн, ЗАГС отдела уонна Национальнай художественнай музей Намнааҕы филиала 1-кы этээскэ, Культура управлениета 3, норуот айымньытын дьиэтэ 3 этээстэринэн тарҕанан, толору аныгы тэриллэринэн, малынан-салынан хааччыллыылаах, тус-туспа киирэр ааннаах гына оҥоһуллаллар.
Дыбарыас үлэҕэ киирдэҕинэ, нэһилиэнньэҕэ оҥоһуллар культурнай уонна иһитиннэрэр өҥөлөр хаачыстыбалара тупсуоҕа, ахсааннара элбиэҕэ, материальнай-техническэй баазалара лаппа тупсуоҕа.
Дыбарыас силигэ ситэн, кэмигэр үлэҕэ киирэн улуус дьонун үөрдэрин, нэһилиэк кэрэ көстүүлээх тутуута буолан дьэндэйэрин долгуйа кэтэһэбит.

Анастасия КОРЯКИНА,

РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна.

Нам.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

10 часов ago