Бүгүн Нам улууһун олохтоохторугар үөрүүлээх күн үүннэ. Намнааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ сабыс-саҥа дьиэҕэ көһөн киирдэ. Бу 65 миэстэлээх эбийиэк бэрэсидьиэн Владимир Путин көҕүлээбит “Демография” национальнай бырайыак “Аҕам саастаах көлүөнэ” бырайыагынан тутуллан, үлэҕэ киирдэ.
Бу уораҕайга киирээт да, олус хаачыстыбалаахтык тутуллубутун сэргэ, эрдэттэн былааннаммыта, киэргэтиллибитэ харахха быраҕыллар. Анал дизайнер үлэлээн, киэҥ-куоҥ остолобуой, бибилэтиэкэ, сынньанар холлар, о.д.а. олус тупсаҕай көрүҥнээхтэр, биир истииллээх миэбэллэринэн, анал тэриллэринэн хааччыллыбыттар. Ис бараана аныгылыы “сканди” истиилинэн оҥоһуллубут, олорор дьиэҕэ сылдьар курдук нус-хас, тупсаҕай.
Манна иистэнэр уонна уһанар мастарыскыайдар, уруһуйдуур хос, эмтиир физкультуранан дьарыктанар саалалар, мэдиссиинэ-социальнай блок хосторо, о.д.а. барыта баар. Кырдьаҕастар хосторго иккилии буолан олороллор. Хостор гостиница нүөмэрин санаталлар, туалет, душ баар. Ороннор, ыскаап, остуол, кириэһилэлэр – муус-маҥаннар, биир истииллээхтэр.
Үөрүүлээх түгэҥҥэ Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов, үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова, Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов, уо.д.а. кыттыыны ыллылар.
— Лоп курдук 2 сыл 2 ый анараа өттүгэр биһиги манна бастакы сыбаайаны түһэрбиппит. Пандемия саҕана үгүстэр саарбахтыыр да курдуктара: үп-харчы көрүллэн, тутуу кэмигэр бүтүө дуо диэн. Элбэх ыарахаттары көрүстүбүт. Кытаанах сааҥсыйа усулуобуйатыгар матырыйаалы булан, тиэрдэн, барытын кыайдыбыт. Тоҕо диэтэр, биһиги үтүө дьыаланы оҥоробут.
2018 сылтан Владимир Путин көҕүлээһининэн, национальнай бырайыактар үлэлииллэр. Ол иһигэр, “Демография” национальнай бырайыак “Аҕам саастаах көлүөнэ” бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники 5 сыл иһигэр Бүлүүтээҕи интэринээт-дьиэ, Өлүөхүмэтээҕи интэринээт-дьиэ тутулуннулар.
Бу 5 тыһыынча кв.м. кэриҥэ иэннээх, аныгылыы тупсаҕай дьиэҕэ кырдьаҕастар, инбэлииттэр сынньалаҥнык, кыһалҕата суох олоруохтара диэн эрэнэбин. Кинилэргэ үөрэнэргэ, сайдарга, алтыһарга бэртээхэй усулуобуйа тэрилиннэ.
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ киһи үйэтин орто сааһа 73 сылга тэҥнэстэ. Биэс сылынан 78 сааска, 2030 сылга 80 сааска тиийиэхпит диэн сорук туруорабыт. Онуоха бу маннык тупсаҕай дьиэлэри тутан, бу сорукка биир хардыы оҥоһулунна, — диэн Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ уонна массыына күлүүһүн туттарда.
Кини тутааччыларга – “АЭБ Капитал” хампаанньа үлэһиттэригэр махталын биллэрдэ. Бу эбийиэк 99% федеральнай бүддьүөттэн үбүлэммит. Суумата – 562 мөлүйүөн солкуобай.
Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов эппитинэн, бу дьиэ эҥээр Чөл олох кыбартаала тутулла турар. Ол саҥа кыбартаал биир эбийиэгэ бу тутуллан киирдэ. Аны балыыһа дьиэтэ тутулла турар. Дьиэ кэргэн киинэ тутуллуохтаах. “АЭБ Капитал” Нам улууһугар хас да улахан эбийиэги тутан киллэрбит – 450 миэстэлээх оскуоланы, кырдьаҕастар, инбэлииттэр дьиэлэрин уонна улуустааҕы балыыһаны тута сылдьар. Кини бу эбийиэктэр тутууларын хаачыстыбата үчүгэйин, үйэлээҕин, олорорго, үлэлииргэ усулуобуйаны учуоттуулларын сэргэ, тупсаҕайдык киэргэтэллэрин бэлиэтээтэ. Нам улууһун дьоно туора турбакка, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр кэлэн субуотунньуктаан, сууйан-сотон, ыраастаан көмөлөспүттэр. “Тапталлаах Сахабыт сиригэр маннык эбийиэктэр элбии турдуннар!” – диэн кини түмүктээтэ.
Намнааҕы кырдьаҕастар, инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэрэ 1994 сыллаахха тэриллибитэ. Икки этээстээх дьиэлэргэ олорбуттара. Билигин ол дьиэлэргэ стационар баар буолуоҕа, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа.
Урут интэринээт-дьиэҕэ 30 киһи олорбут буоллаҕына, билигин 65 миэстэлээх. Үлэһиттэр ахсааннара эмиэ икки төгүл эбилиннэ. Үлэһиттэр саҥалыы тыыннанан, аныгылыы көрүүнэн элбэх уларытыыны киллэрэр, айар-тутар былааннаахтар.
Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…