Намҥа «Мамонт искибиэрэ» аһылынна

Намҥа «Мамонт искибиэрэ» аһылынна

Ааптар:
19.10.2022, 16:20
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр, Нам сэлиэнньэтигэр  саха биллиилээх учуонай-палеонтолога, биологическай наука доктора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай  бириэмийэтин лауреата, Нам улууһун Ытык киһитэ Петр Алексеевич Лазарев сырдык аатын үйэтитэр «Мамонт искибиэрэ» үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Петр Алексеевич Нам улууһун Иккис Хомустаах нэһилиэгэр  күн сирин көрбүт. Нам орто оскуолатын үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, Москватааҕы государственнай университет географическай факультекка ситиһиилээхтик үөрэнэн, кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит. Олоҕун бүттүүн наукаҕа анаабыт киһинэн буолар. Аан дойдутааҕы мамонт музейын төрүттээччи.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыга Юрий Слепцов, Ленскэй нэһилиэгин депутаттарын сэбиэтин председателэ Егор Охлопков, Петр Лазарев олоҕун аргыһа Татьяна Ивановна, аллар атаһа, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессора Иннокентий Сивцев, бииргэ үлэлээбит коллегата, ХИФУ Хоту сир прикладной экологиятын чинчийэр институт директора Григорий Саввинов, «Сайсары» народнай ансаамбыл салайааччыта Светлана Степанова, балтыта Людмила Васильева эҕэрдэ тылларын эттилэр, Петр Алексеевич олоҕун, айар үлэтин ахтан аастылар.

Бу сквер оҥоһуллуутугар улахан үлэни Петр Лазарев дьиэ кэргэнэ, хаан-уруу аймахтара улуус, олохтоох дьаһалталары кытта бииргэ сүбэлэһэн ыыттылар. Бырайыагын, эскиһин аймахтара толкуйдаан ойуулаан оҥорбуттар. Сквер сүрүн үлэтин – монумены, мамоннары биллиилээх худуоһунньук-скульптор Николай Огонеров чочуйан таһаарбыт, оттон олбуорун Игнатий Казанов оҥорбут.

Бу сквер аттынан Петр Алексеевич аатынан уулусса ааһар. Манна 90 учаастак тыырыллан турар, сотору кэминэн саҥа кыбартаал үөдүйүөҕэ. Оччоҕо бу сквергэ дьон-сэргэ, оҕо-аймах тохтоон, көрөн, сынньанан ааһар ытык сирдэрэ буолуоҕа.

Үтүө киһибит сырдык аата үйэлэргэ ааттана туруоҕа.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: