Намҥа мас тардыһыытыгар улуустааҕы турнир саҕаланна
Олунньу 10 күнүгэр Бастакы Хомустаах нэһилиэгэр СӨ физическэй култууратын уонна спордун туйгуна, СӨ үтүөлээх тренерэ, СӨ спордун маастара, мас тардыһыытыгар Россия сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тренерэ Николай Элляевич Константинов бирииһигэр мас тардыһыытыгар улуустааҕы турнир саҕаланна.
Улуус нэһилиэктэрин икки ардыларынааҕы комплекснай спартакиада чэрчитинэн барар күрэхтэһии 2 күн устата ыытыллыаҕа. Манна уон сэттэ хамаандаттан 277 спортсмен күөн көрсүһэр. Хамаандалар састааптара олус күүстээх.
Ол курдук, ааттаах-суоллаах мас тардыһааччылар Анатолий Гладков, Сардана Осипова, Вера Чичигинарова кыттыылара күрэхтэһии таһымын өссө үрдэтэр, киирсиилэри сытыырҕатар. Ону сэргэ Юрий Эверстов салайааччылаах Намнааҕы педколледж хамаандата улахан утарсыыны оҥороро күүтүллэр.
Түмүк сарсын тахсыаҕа диэн “Нам улууһа” МТ пресс-сулууспатата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: