Намҥа муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэхтэһии буолла
«Нам улууһа» МТ салалтата улууска туризм сайдыытыгар улахан болҕомтону ууран тустаах үлэни ыытар. Ол курдук, улууска туризм сайдыытыгар туһааннаах анал муниципальнай бырагыраама үлэлиир.
Бэҕэһээ, муус устар 5 күнүгэр, 2-с Хомустаах сиригэр «Лазурный берег» туристическай базаҕа, өрүскэ муус аннынан балыктааһыҥҥа күрэхтэһии ыытылынна.
Уопсайа иккилии киһилээх 8 хамаанда, 7 биирдиилээн кыттааччы, тэрийээччилэр, судьуйалар, көрөөччүлэр муһуннулар.
Сарсыарда 8-тан 11 чааска диэри ыйыллыбыт учаастакка күөгүлээтилэр. Киирсиилээх-тыҥааһыннаах 3 чаас биллибэккэ ааста. Ол кэннэ кыттааччылар биир чааһы эбии көрдөөннөр, куоластааннар күрэхтэһии 12 чааска диэри буолла.
Кыттааччылартан аан бастакы балыгы хаптаран Максим Матвеев үөрдэ-көттө.
Күрэхтэһии кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ күөгүлээн уонна улахан хаптарбыт балыктары ыйааһыннааһына буолла.
Ол кэннэ мууһу буурунан үүттээһиҥҥэ 10 киһи күрэхтэстэ.
Күрэхтэһии түмүктэрин «Лазурный берег» туристическай базаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга иһитиннэрдилэр. Намнааҕы Бизнес-инкубатор салайааччыта Борис Бугаев, туристическай база хаһаайына Василий Винокуров, «Туйгун тур» туристическай база дириэктэрэ Николай Попов мустубут дьону, кыайыылаахтары эҕэрдэлээтилэр.
2-с Хомустаах нэһилиэк культура эйгэтин үлэһиттэрэ музыкальнай эҕэрдэлэри бэлэхтээтилэр.
Хамаанданан күрэх түмүгэ:
1 миэстэ — Святослав Белолюбский, Леонид Портнягин «КУМИ» хамаанда (Нам улууһа);
2 миэстэ – Игнат Свинобоев, Семён Захаров
« Бывалые» хамаанда (Нам улууһа);
3 миэстэ – Николай Монастырев, Алексей Зырянов, «Речные хищники» хамаанда (Нам улууһа)
Биирдиилээн күрэҕэр:
1 миэстэ – Роман Ефимов, Нам улууһа, Үөдэй,
2 миэстэ – Леонид Жирков, Нам улууһа,
3 миэстэ Нина Барашкова, Дьокуускай куорат
«Первый улов» бирииһи Максим Матвеев ылан, термос тутта.
Кыайыылаахтар бары сыаналаах бириистэринэн, мэтээллэринэн, грамоталарынан наҕараадаланнылар диэн улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: