Намҥа, Ньурбаҕа киһи өлүүлээх суол быһылааннара таҕыстылар
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр 18:31 чааска ИДьМ Нам оройуонунааҕы дьуһуурунай чааһыгар Нам суолугар киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.
Госавтоиниспиэксийэ суруйарынан, итирик туруктаах 1990 сыллаах төрүөх «ТОЙОТА ГАЙЯ» суоппара Дьокуускай диэкиттэн Намҥа айаннаан иһэн, «Нам» суол 80 км сатыы хааман иһэр киһини түҥнэри көппүт. Суол саахалын түмүгэр, 1971 сыллаах төрүөх киһи суһал көмө кэлиэн иннинэ өлбүт.
Эмиэ киһи өлүүлээх суол быһылаана бэҕэһээ Ньурба улууһугар тахсыбыт. Киэһээ 18 чаас саҕана, 1962 сыллаах төрүөх суоппар «Лада Гранта» массыынанан Ынахсыттан Аканаҕа айаннаабыт. Итиэннэ уруулун кыайан туппакка, массыыната түҥнэстибит. Бу түмүгэр суоппар суорума суолламмыт. Быһылаан тахсыбыт төрүөтүн силиэстийэ быһаарыаҕа диэн Госавтоиниспиэксийэ суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: