Салгыы
Намҥа оҥоһуллар мороженай ханна атыыланарый?

Намҥа оҥоһуллар мороженай ханна атыыланарый?

30.08.2024, 12:47
https://t.me/namskiyulus
Бөлөххө киир:

Нам улууһугар атырдьах ыйыттан «Эрэл» тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооператива олохтоох бородууксуйаттан мороженай түөрт көрүҥүн оҥорон атыыга таһаарбытын туһунан суруйбуппут.

Бүгүн, бу мороженай ханна атыыланарын, ханнык көрүҥнэр оҥоһуллалларын туһунан «Эрэл» ТХПК  технолога, экэнэмиис Александр Васильевич Винокуров кэпсээтэ:

-Атырдьах ыйыттан ыла Нам улууһун Модут арыы сыаҕар мороженай оҥорон саҕалаабыппыт. Күҥҥэ 50 кг мороженайы бэйэбит үүппүтүттэн оҥорон таһаарабыт. Ол курдук сакалааттаах, клубника, манго, сливочнай көрүҥнэри таһаарабыт. Мороженайбыт хаата 200 грамнаах. Бородууксуйабыт чуолаан, Нам сэлиэнньэтигэр икки бэйэбит маҕаһыыммытыгар атыыланар. Улууспут ыраах нэһилиэктэригэр да, Дьокуускайга да атыыга ыыта иликпит. Сыалбыт-сорукпут кыһыннары-сайыннары улууспут иһигэр тарҕатыы буолар. Дьон бэркэ сэргээтэ, атыыга хамаҕатык барар. Биир мороженай сыаната — 150 солкуобай. Намҥа Октябрьскай уулусса 24-гэр  уонна Файзуллин уулуссаҕа киинэ тыйаатырын таһыгар баар маҕаһыыннарбытыгар мороженайбытын булуоххутун сөп.

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: