Быһа эпиир кэмигэр Нам улууһуттан элбэх оҕолоох ийэ төлөпүөннээн, оҕолоро иккилии симиэнэнэн эргэ, мас оскуолаҕа үөрэнэллэрин иһитиннэрдэ уонна Нам киинигэр хаһан оскуола тутуллуоҕун ыйытта. Ил Дархан маннык хоруйдаата.
— Сыыспат буоллахпына, Намҥа, чахчы, оҕолор 1960-с сылларга тутуллубут оскуолаҕа үөрэнэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ ааспыт сыл бүтүүтэ Федерация Сэбиэтигэр ыыппыт күннэрин көмөтүнэн, Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар туһаайыллыбыт дьоһуннаах уураах тахсыбыта. Онно биһиги күргэбититтэн саҕалаан, саҥа оскуолалары тутар ирдэнэр испииһэккэ тиийэ хас даҕаны пуун киирэр. Бу испииһэккэ Нам оскуолата эмиэ киирэр. 2025-2026 сс. буолуо дии санаабытым эрээри, бэйэтин уураахтарын кыраҕытык хонтуруоллуур Федерация Сэбиэтин көмөтүнэн уонна тустаах оскуола бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуона эрдэ бэлэмнэммитин быһыытынан, оскуола тутуутун быйыл саҕалыыр буоллубут. Оскуола улахан, 450 миэстэлээх, 2023-2024 сс. тутуллан бүтэригэр уонна элбэх оҕолоох ийэ иһитиннэрбит кыһалҕата аны турбатыгар, оҕолоро аныгы, үчүгэй оскуолаҕа үөрэнэллэригэр эрэнэбин, — диэн хоруйдаата.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…