Салгыы
Намҥа — саҥаны айааччылар түмсүүлэрин түһүлгэтэ

Намҥа — саҥаны айааччылар түмсүүлэрин түһүлгэтэ

Ааптар:
20.06.2024, 08:30
Хаартыска: “Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Быйылгы Нам улууһун Үрүҥ тунах ыһыаҕын сонун тэрээһининэн Р.Е. Попов-Стахановец Роман аатынан саҥаны айааччылар түмсүүлэрин түһүлгэтэ буолла.

Быыстапканы улуустааҕы гимназия учуутала Андрей Романович Попов аҕата, рационализатор Попов Роман Егорович кэриэһигэр көҕүлээн ыытта.

Тэрээһиҥҥэ «Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов ыалдьыттаан эҕэрдэтин тиэртэ, кыттааччыларга махтал суруктары туттарда, инникитин быыстапка өссө кэҥээн, кыттааччыта элбээн иһиэн баҕарда.

Бу күн Нам улууһун саҥаны айааччылара оҥоһуктарын аан бастаан киэҥ эйгэҕэ таһаардылар.

Намтан Юрий Гаджиев икки вездеход массыынатын мустубут дьон олус диэн интэриэһиргээн, хайҕаан көрдүлэр. Бу техникалар докумуоннара барыта ситэн, билигин сүүрэ сылдьаллар.

Нам сэлиэнньэтиттэн Виталий Лукин вездеход массыынатын, Түбэттэн Аркадий Сивцев трициклын, о.д.а. оҥоһуктарын хаартыскалаан истиэндэ оҥорон көрдөрөн, дьон биһирэбилин ыллылар.

Намтан Рехлясов Роман кыһынын муус уонна хаар үрдүнэн, сайынын мотуор олордон уу устун айанныыр халыҥ пластигынан оҥоһуллубут оҥочото  дьон кэрэхсибилин ылла.

Ыһыах дьоно техникалар тастарыгар туран астына хаартыскаҕа түстүлэр.

Тэрийээччилэр бары кыттыбыт дьоҥҥо махталларын тиэрдэллэр.

“Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: