Бу туһунан Саха сирин бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов иһитиннэрдэ.
Нам улууһугар халаан уутуттан үөрэх тэрилтэлэрэ, стационарнай суукканы эргиччи үлэлиир лааҕырдар эмиэ эмсэҕэлээбиттэрэ. Ордук куһаҕан туруктаахтарынан Маймагинскай нэһилиэгин оскуолата, оҕо уһуйаана, Хатырык нэһилиэгин оскуолата, Кобян нэһилиэгин «Эрэл» оҕо уһуйаана уонна Фрунзенскай нэһилиэгин оскуола-оҕо уһуйаана буолаллар.
Билигин СӨ Үөрэххэ министиэристибэтэ халаан уутун содулларыттан тахсыбыт хоромньуну сыаналыыр, ол кэннэ сөптөөх дьаһаллар ылыллыахтара.
«Биллэн турар, оҕолорго ураты болҕомто ууруллуоҕа. Кинилэр үгүстэрин дьиэлэрэ ууга былдьаммыта. Өйүүр биир сүрүн дьаһалынан, оҕолор сайыҥҥы лааҕырдарга, ол иһигэр «Бэс чагдаҕа» уонна Дьоҕус билим академиятын киинигэр сынньаныыны тэрийиэхпит. Нам улууһугар ОГЭ уонна БКЭ болдьоҕун кэмигэр ыытыллыахтара», — диэтэ Анатолий Семенов.
Эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэргэ суотабай сибээс өҥөтө уонна иһитиннэрэр тиһигэ штатнай эрэсииминэн үлэлииллэр. Нам улууһугар тахсыбыт быһыыны-майгыны хонтуруоллуурга СӨ Инновацияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Алексей Копытов үлэлиир.
Халаан уутун боппуруостарынан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо 122 нүөмэргэ эрийиэхтэрин сөп. Халаан уутуттан көмө ылар туһунан иһитиннэриини ыларга 122 нүөмэргэ эрийэҕит уонна эбии 8 кунуопканы баттыыгыт.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, Саха сирин бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников салалтатынан, халаан уутун содулларын туоратыыга бырабыыталыстыба бөлөҕө тэриллибитэ. Ыам ыйын 20 күнүгэр Саха сиригэр эрэгийиэннээҕи ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ.
Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…
Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл. …
— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…
Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…
Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…
Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…