Намҥа ыччаттар көмөлөрө
СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистирэ Петр Шамаев эдэр ыччаты кытта Нам улууһугар Хамаҕатта нэһилиэгэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр күүс-көмө буолан олбуордарын хаарын күртүлэр.
Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, түөрт нэһилиэккэ үлэ тигиннэччи барбыт. Хаар күрдьүүтэ, Хатырыкка саҥа киирээри турар кииҥҥэ сууйааһын-тарааһын, маллары таһыы о.д.а. үлэҕэ кэлбит ыччат олус көхтөөхтүк кыттан көмөлөспүт.
Бэлиэтээн эттэххэ, маннык хабааннаах тэрээһин иккис сылын ыытыллар. Петр Витальевич: «Маннык ыччат хамсааһын олус көдьүүстээх, байыаннай дьиэ кэргэттэригэр ураты болҕомто уурарбыт өссө туһалаах уонна суолталаах», — диэн тоһоҕолоон эттэ.
Киэһэтин нэһилиэктэргэ ыччат бэйэтин эҕэрдэ кэнсиэрин көрдөрөн бэлэхтээтилэр
Олунньу 4 күнүгэр И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж аактабай саалатыгар Петр Шамаев Нам улууһун ыччатын кытта көрсүһүөҕэ диэн «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: