Намнааҕы интэринээт-дьиэҕэ үгэс буолбут «Алаас ахтылҕана» күрэх ыытылынна
Саха сирин интэринээт-дьиэлэрин олохтоохторун сэргэхситэр сыаллаах сылын ахсын ыытыллар «Алаас ахтылҕана» куонкурус быйыл 10-с төгүлүн Намнааҕы интэринээт-дьиэҕэ буолан ааста.
Улуу Кыайыы 80 сылын, буойун-бэйиэт Т.Е.Сметанин төрөөбүтэ 105 сылын көрсө литэрэтииринэй-музыкальнай дьүһүйүү, биирдиилээн ырыа толорооччулар күрэстэрэ кэтэхтэн тэрилиннэ.
Дьүүллүүр сүбэ Т.Сметанин кыыһа Т.Т.Сметанина салайыытынан түмүгү таһаарда.
Биһиги интэринээппит ытык кырдьаҕастара Аммосова Т.З., Румянцева М.Г., Явловская К.М., Павлова М.А., Андросов М.Н., Петров И.И., Румянцев С.С. туруорбут «Сөҕүрүйбэт ыралаах Буойун кэхтибэт, кэриэс айымньыларынан» дьүһүйүүлэрэ «Муҥутуур кыайыылаах» үрдүк аатын ылар чиэскэ тигистилэр. Биирдиилээн ырыаһыттар Мария Пестерева II Үктэл, Мария Данилова, Иннокентий Кривошапкин биһирэбили ыллылар.
Мария Винокурова, Курбуһах Уус-Алдан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: