Нам улууһугар Санкт-Петербург госпиталларыгар сытар байыастарга көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах аахсыйа тэриллибитэ.
Бу Санкт-Петербург волонтердарын көрдөһүүлэринэн тэриллибит аахсыйаҕа улуус нэһилиэктэрэ кытталлар. Олохтоохтор, тэрилтэлэр көмөлөөн ынах, убаһа эттэрин аҕалан биир сиргэ түмэллэр, туттараллар. Мантан ас-үөл бэлэмнээн ыытыахтаахтар. Олору волонтердар госпиталларга эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарыгар тиэрдиэхтээхтэр.
Манна даҕатан эттэххэ, намнар байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга тиһиктээхтик көмөлөһөллөр.
Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтатын исписэлииһэ Н.Сивцева аахсыйаҕа кыттыы туһунан маннык иһитиннэрдэ:
— Аахсыйа тохсунньу 20 күнүттэн са5аламмыта. Олунньу 1 күнүгэр диэри ыытыллар. Манна улуус бары нэһилиэктэрэ кытталлар. Биһиги нэһилиэкпит олохтоохторо эмиэ бу бачыымы өйөөн көхтөөх кыттыыны ылаллар. Хас биирдии ыал, тэрилтэ төһө кыалларынан, хайдах табылларынан ынах, убаһа этин хомуйан туттардылар. Ол курдук, нэһилиэк баһылыга Иван Ноговицын улууспут дьаһалтатыгар 101 киилэ ынах, 65 киилэ сылгы, 5 киилэ эриллибит эт, сибиинньэ этэ, уопсайа 172,5 киилэ эти киллэрэн туттарда.
Манна даҕатан эттэхпинэ, биһиги нэһилиэкпитигэр байыастарга таҥас-сап тигэн көмөлөһөр сыаллаах-соруктаах иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ. Бу түмсүүнү Д.Мальцева сатабыллаахтык салайар. Кинилэр «Илии сылааһа» иистэнньэҥнэргэ ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ кыттаннар, иистэнэр массыынанан наҕараадаланан тураллар. Маны сэргэ нэһилиэк дьахталларын сэбиэтэ (сал. О.Лебедева), биирдиилээн ыаллар, тэрилтэлэр, «Сандаара» уһуйаан, түмэл, муусука оскуолатын кэлэктииптэрэ, уо.д.а. байыастарга көмөнү оҥорууга көхтөөх кыттыыны ылаллар. Көмөлөөтөххө көмүөл мууһа кыайтарар дииллэрин курдук, бары туруннахпытына, хайдахтаах да харгыһы кыайабыт. Урукку өттүгэр балаҕаҥҥа мустан иистэнэр буоллахтарына, билигин өрөмүөннэнэ турарынан, бибилэтиэкэҕэ (сал. В.Замятина) түмсэллэр.
Ити курдук биһиги нэһилиэкпит тэрээһиннэртэн, аахсыйалартан туора турбат.
Нина Саввина
Н.Сивцева хаартыскаларга түһэриитэ.
Станислав 2023 сыллаахха баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга кытта барбыта. Хантараага бүппүтүн кэнниттэн, ытык иэһин толорон…
Уһук Илиҥҥи уокурук боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Курскай уобаласка баҕа өттүнэн барааччылары – Уһук Илин…
Ньурбатааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар атах таҥаһын уорбуттарын туһунан иһитиннэрии киирбит. Бачыыҥка кыбартыыраҕа арыгылааһын кэнниттэн сүппүт…
2025 сылга туризмы сайыннарарга урбаанньыттар көҕүлээһиннэригэр 30 мөлүйүөнтэн тахса үбү көрбүттэрин туһунан СӨ предпринимательствоҕа, эргиэҥҥэ…
Саха сиригэр "Муус устар" ыччат бэстибээлигэр бэлэмнэнии тэрээһиннэрин саҕалаатылар. Ол курдук, бэстибээл хайысхалара уонна куонкурустара…
Дьокуускайга суукка 30 саастаах киһи сэрэҕэ суоҕуттан киһи өлбүтүнэн дьыаланы көрүөхтэрэ. Бу туһунан Силиэстийэлиир кэмитиэт…