Аммаҕа ыытыллыбыт адаптивнай успуорт спартакиадатыгар Нам улууһун спортсменнарын хамаандатын салайааччылара бэрт тэрээһиннээхтик бэлэмнэнэн, эдэр да, эмэн да саастаах дьону тэҥнии тутан илдьэ кэлбиттэр этэ.
«Дьулуур» спартакиада ааттыын да «Дьулуур» диэн. Онон доруобуйаларынан хааччахтаах дьон олоххо дьулуурдарынан өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттыылара — бастыҥ холобур. Нам улууһун успуорка управлениетын салаатын салайааччыта Павел Иванов иһитиннэрбитинэн, уопсайа спартакиадаҕа 80-ча киһи кэлэн кыттыбыт.
Мин дьаадараны быраҕар дьон күрэхтэһиитин көрө сылдьан, Нам улууһун спортсменыгар хараҕым хатанна. Интэриэһиргээн, кинини анаан кэтээн көрдүм.
Матрена Артамонова дьаадаранан саҥа дьарыктанан эрэр эбит. Саҥа саҕалыыр киһи санаатын маннык үллэһиннэ:
Бу маннык тэрээһин доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо тугу биэрэрин туһунан Матрена Климовна санаата маннык:
Бастакы күҥҥэ голбол диэн интэриэһинэй оонньууга Василий Собакин бэйэтин улууһун чиэстээхтик көмүскээбитэ. Бу туһунан спартакиада бастакы күннэригэр «Нам Баһылайа тугунан соһутта?» диэн суруйуум үгүс киһи болҕомтотун тардыбыт этэ. Кэлин Баһылайы сирэй көрсөн кэпсэтэн, успуорт бу көрүҥэр эмиэ саҥа дьарыктанан эрэрин биллим.
Дьэ, ити курдук, успуорт араас көрүҥнэринэн саҥа дьарыктанан эрэр дьон улуустарын чиэһин көмүскээн, бэйэлэрин күүстэрин холонон көрөн, суолталаах тэрээһиҥҥэ бэйэлэрин санааларын күүһүн көрдөрдүлэр.
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…