Быйылгы Нам улууһугар сааскы халаан уута бааһыналары ылбыта. Ол да буоллар, улуус тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ ыһыы үлэтин ыыттылар. Быйыл 1609 гектарга сүөһү аһылыга буолар култуураны ыһыы былаана – 1609 гектар этэ, итинтэн 735 гектарга ыстылар. Иккис болдьоххо курааннар тураннар хойутуу киириэхтэрэ.
— Улахан хаһаайыстыбалар ыһан бүтэрэн эрэллэр, кыра хаһаайыстыбаларбыт хааллылар. Бааһыналарбыт уу ылар сиригэр түбэспиттэрэ. Онон бааһыналар кууралларын кэтэстибит. Хортуоппуй, оҕуруот аһа бу күннэргэ олорон бүтүө. Хортуоппуй 312 гектарга олордо (былаан — 434 гектар). 83 гектарга оҕуруот аһын былааннаабыппыт. Итинтэн билиҥҥи туругунан 45 гектарга олордулунна. Сиэмэ хортуоппуйу миэстэтигэр тэрилтэлэр аҕалан биэрдилэр. Ол иһин түгэнинэн туһанан Нам улууһун хаһаайыстыбаларыгар ыһыы сиэмэтинэн көмөлөспүттэргэ улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын аатыттан истиҥник махтанабыт. Ол курдук, сиэмэ хртуоппуйу Александр Жирков — 6 туоннаны, Михаил Сивцев – 1 туоннаны биэрдилэр. “Эрэл” ТХПК 3 т хортуоппуйу, Мэҥэ Хаҥаластан Власий Петров – 3 туоннаны, Екатерина Борисова (Ороссолуода) – 1,5 туоннаны, Дьокуускайтан Абдужаров Халиллио Хабибуллаевич 2 туоннаны биэрэн, көмөлөстүлэр. “Сири оҥоруу сулууспата” тэрилтэ (сал. А.М.Семенов) 1,5 т хортуоппуй сиэмэтин, ону тэҥэ эбиэһи аҕалан биэрбитэ.
“Наука” ХЭТ эмиэ үс туоннаны, Уус Алдантан “Биэттэ” ХЭТ – 5 т, ону тэҥэ “Илларионов” бааһынай хаһаайыстыбата эбиэс биэриэхтэрэ. “Россельхозцентр” тэрилтэ (сал. А.С.Данилова) үлэһиттэрэ биир күннээх хамнастарынан көмөлөстүлэр. “Сири оҥоруу сулууспата” тэрилтэ эмиэ биир күннээх хамнаһынан саппаас чаас атыылаһарга сэртипикээт туттарыахтаах. Онон үтүө санаалаах хаһаайыстыбалар, тэрилтэлэр көмөлөрүнэн ууга барбыт хаһаайыстыбаларбыт ыһыы үлэтин ыытар кыахтаннылар. Быһата, ууга барбыт нэһилиэктэр хаһаайыстыбаларыгар аадырыстаах көмө оҥоһулунна, — диэтэ Нам улууһун кылаабынай агронома Сардана Новгородова.
Оҥоһуу өй көмөтүнэн флюорография анализтааһынын тиһигин туһаныы чинчийии түмүгүн ылар болдьоҕун аччатар, гиподиагностика түбэлтэтин аҕыйатар,…
Бүлүү улууһун «Бүлүү Харысхал» хамсааһына бу сылга үктэнэн баран үһүстээн нэһилиэнньэттэн аахсыйа быһыытынан тоҥ аһылыгы…
Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар мобильнай төлөпүөнү уорбуттарын туһунан олохтоох киһиттэн сайабылыанньа киирбит. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ…
Дойду Бырабыыталыстыбата байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна кыттааччыларыгар анаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга граннары биэрэр «Агромотиватор» бырагырааманы…
Хантараагынан байыаннай сулууспаҕа барыан баҕалаах гражданнар ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр буолуохтаахтар: 18 саастарыттан үөһэ үчүгэй доруобуйалаах уонна физическэй бэлэмнээх…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин тохсунньу 21 күнүгэр видео-сибээһинэн Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлин Си Цзиньпины…