Салгыы
«Намская» диэн сэртипикээттээх халбаһы атыыга таҕыста

«Намская» диэн сэртипикээттээх халбаһы атыыга таҕыста

Ааптар:
21.11.2024, 11:30
https://t.me/namskiyulus
Бөлөххө киир:

Нам улууһугар кэлиҥҥи сылларга астыыр-үөллүүр салаа сайдан, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы арааһа элбээн иһэр.

Граф Биэрэгэр урбаанньыт  Дмитрий Аргунов ас астыыр, бородууксуйа оҥорор сыаҕар, олохтоох эттэн  оҥоһуллубут «Намская» диэн ааттаах ыыһаммыт халбаһы анал сэртипикээттээх буолла диэн Нам улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Владимир Макаров, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта:
Астыыр сыах Намнааҕы техникум базатыгар социальнай-чааһынай кыттыгас быһыытынан үлэлиир.
Саҥа бородууксуйаҕа декларация, боротокуол толоруллан, анаалыстары ааһан, этикеткатын толкуйдаан элбэх үлэ барда. Улууспутугар бэйэ оҥорон таһаарар эт, үүт, хортуоппуй, оҕуруот, сир астарын өссө элбэтэн, хаачыстыбатын тупсаран, переработкалаан, элбэх араас бородууксуйа көрүҥүн улуус олохтоохторугар уонна киэҥ араҥаҕа атыыга таһаарыы – бу биир тутаах уонна кэскиллээх, улуус сайдар хайысхаларыттан биирдэстэрэ буолар — диэн иһитиннэрдэ.
Бу туһунан»Нам улууһа” МТ пресс — сулууспата суруйар.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: