Нам улууһугар сүппүт дьону көрдөөһүн салҕанар
Балаҕан ыйын 6 күнүгэр Нам улууһун Түбэтиттэн Өлүөнэ өрүһүнэн Кэбээйи улууһун диэки Никада арыытыгар балыктыы барбыт үс киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиппит.
Балыксыттар балаҕан ыйын 8 күнүгэр төннүөхтээхтэр эбит, ол туһунан биир киһи кэргэнэ сүтэрэн, айманан Быыһыыр сулууспаҕа биллэрбит. Икки күн устата салгын суудунатынан бу сири эргиччи көттүлэр. Балаҕан ыйын 13 күнүгэр көтүү кэмигэр, сырдык саарыл өҥнөөх сарайы санатар болотуна көһүннэ диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Сүппүт дьону көрдөөһүҥҥэ уопсайа 30 киһи кыттар, ол иһигэр СӨ Быыһыыр сулууспатын водолазтара уонна быыһааччылара итиэннэ уунан устар 9 тиэхиньикэ.
Көрдөөһүн кэмигэр сүппүт дьон маллара: саппыкы, трекинговай бачыыҥка, маллаах икки бокс, тимир тэриэлкэ уонна бензиннээх канистра көһүннэ. Дьону көрдөөһүн салҕанан барар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: