Наркология диспансера биир күннээх аахсыйаны биллэрэр
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера алтынньы 19 эрэ күнүгэр биир күннээх аахсыйаны биллэрэр.
Ол эбэтэр арыгыттан, наркотиктан тутулуктанар дьон кэргэттэригэр уонна дьахтар аймахтарыгар психологтар уонна нарколог-быраастар сүбэ-ама биэриэхтэрэ.
Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, бу аахсыйа биир уратытынан үлэ күнүттэн атын күҥҥэ 16.00-19.00 чааска ыытыллара буолар (атын дьон биллибэтин курдук).
Аахсыйа кэлиэхтэрин сөп:
-Уйулҕаларыгар араас кыһалҕалары көрсөр (санаа тууйуллуута, ээл-дээл буолуу, фобия, дьиксинии, бэйэҕэ тиийинэргэ сананыылар уо.д.а.);
-Арыгыттан эбэтэр наркотиктан эмтэниэн баҕалаах дьахталлар;
-Арыгыттан уонна наркотиктан тутулуктанар дьон кэргэннэрэ, ийэлэрэ уонна аймахтара;
Автодорожнай уулусса 38 нүөмэригэр ыытыллар аахсыйаҕа наркология диспансерын улахан үөрүйэхтээх психологтара уонна нарколог-быраастара үлэлиэхтэрэ. Ким кыттыан баҕалаах 8-968-150-1886 нүөмэргэ хайаан да эрдэттэн суруйтарар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: